ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бүк

аат тыл, сыһыат, туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы изгиб

English bend

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Нууччалыы изгиб

English bend

  • үрэх бүгэр олороллор
    они живут на речной излучинеthey live at a bend in the river

2 сыһыат #

Нууччалыы непременно

English by all means

  • бүк кэл
    непременно приходиby all means come

3 туохтуур #

Нууччалыы прятать

English to hide (oneself)

  • куобах бүкпүт
    заяц спряталсяthe hare hid
I

4 туохтуур #

Бүччүм, бүгүчээл сири булан тохтоо, ханна да быгыма, сас

Нууччалыы Укрыться, прятаться в малолюдном, укромном месте

  • Муҥур олохпутугар Булбуппутун эрэ Муннубут анныгар баттаан, Бүгэн олорбуппутун Буруйдуу санаатым.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Бу биһиги бокоорбут дьон курдук, биир балаҕаҥҥа бүгэ сытар буоллаххына, үчүгэйдик бултуйбатыҥ чахчы.
    С. Никифоров
  • “Мантан ханна эмэ баран, куотуохха, бүгэн хаалыахха”, - диэн санаалар кини өйүгэр арыт кииртэлээн ылаллар.
    Л. Толстой
Өссө холобурдар (1)
  • Ол эһэм эрэйдээх муҥутах үйэтэ Кэрискэ тумулун бүөрүгэр бүкпүтэ
    М. Ефимов
II

5 даҕааһын #

Кыараҕас, кыра, тыал-куус мээнэ түспэт эбэтэр саһарга табыгастаах

Нууччалыы Тихий, безветренный, укромный, что можно легко спрятаться

  • Мин аҕам обургу кыыһыран кэллэҕинэ, биһигини ордоруо суоҕа. Киниттэн көмүскэнэр бүк сири булуох.
    Саха фольк
  • Кини дьолугар Сэмэнньэйи сылгыларын үөрүн атын сиргэ, өлгөм хаһыылаах бүк үрэх баһыгар, көһөртөрө ыраах ыытан кэбиспиттэрэ.
    П. Аввакумов
  • Енисей, Ангара күүс сүүрүктэрин, бүк сирдэрин Тутуунан киэргэтиэҕим диэтэ
    И. Эртюков

6 аат тыл #

суолт. Үрэх, элгээн эҥин тоҕойдоро

Нууччалыы Изгиб реки, старицы и т. п

  • Урукку хаалыылаах үйэҕэ, Ойуур-сис бүгүгэр хаайтаран, От тиэйэр ыырдарын даҕаны Уһугун-муҥурун булбакка, Олорбут эбиттэр сахалар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Онтон үрэх бүгэр, түбэ баҕайы сиргэ кэлбитим, булчут балаҕана турар эбит.
    Р. Кулаковскай
  • Суолбутун элгээн бүөлээтэ. Көрбүппүт: элгээн бүгэр хаайтарбыппыт.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. бүкүчээл, бүөрэмньи
III

7 #

Хайаан да, булгуччу

Нууччалыы Обязательно, непременно

  • Бу хаһыыттан Бурхалей бүгүн долгуҥҥа куттал тахсыбытын “буруйун” олоччу сүгэрин бүк ылынан кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • Амма Аччыгыйа _ ону ахтыытын хайдах эрэ итэҕэстэтэ санаатаҕына, тылын бүк эрэнэр-итэҕэйэр нөҥүө киһитин кэпсээнигэр сигэнэр. ФЕВ УТУ. “Оҕолор эрэйдээхтэр быһалыыр суолу билбэттэр. Мин кинилэри, арааһа, балтараа көһүнэн урут түһэрим буолуо”, - диэн оҕонньор бүк эрэнэн иһэр
    П. Аввакумов

8 этии #

Бүк бэрин - тугу да утары эппэккэ, утарыласпакка, ыйыы, этии, куолу хоту сырыт Дьон аһыыллара-таҥналлара быһаччы айылҕаттан тутулуктааҕын билэр эрдэхтэринэ, айылҕаны ордук харыстыыр, кини күүһүгэр эрэнэр, өссө бүк бэринэр этилэр. ПИО ТС. Сэттэ уонтан тахса сыл үөһэттэн дьаһайалларыгар убанан, онуоха бүк бэринэн, олохпут эрдиитин атыттарга туттаран, үүнүөхпүт-сайдыахпыт диэбиппит табыллыбатаҕа. “Кыым”

Нууччалыы Полностью, беспрекословно подчиняться кому-чему-л. (обычаю, чьему-л. указанию и т. п.)

IV

9 #

Хас да төгүл, хос-хос, хат-хат

Нууччалыы В несколько раз, повторно

  • Былааннарын үс бүк толорбуттар. Быаны хас да бүк туттахха быстыа суоҕа

10 этии #

Нууччалыы Сгибаться,наклоняться, держать голову лицом вниз

  • Бүк бар - иэҕилин, өҕүлүн, токуруй, төҥкөс гын, төҥкөччү тутта сырыт Бүк барыар дылы Бөкчөччү бүгдүгүрбүт Уҥуоҕунан олус оччугуй Оҕонньор киһи Тус иннигэр Токус гына тура түстэ.
    А. Софронов
  • Дьиэ таһыттан биир саалаах бартыһаан киирэн иһэн, күүлэҕэ хаһыытаабытынан бүк баран түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Бүк батта - 1) тугу эмэни токурут, өҕүлүннэр; бүк бар (хол., ыараханы сүктэххэ). Θ Гнуть, сгибать что-л.; гнуться, сгибаться. Семен Ильич, ахсаан ааҕардыы, тарбахтарын бүк баттаталаан көрдө.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (12)
  • Тыал Хатыҥ иэмэх таһаатын Күүһүнэн кууһа сатыыр Көмүскэнэр лабаатын Кум-хам тутан бүк баттыыр.
    С. Данилов
  • “Эһиги, пионердаах оҕолор, уон төрдүөҕүт”, - диэн баран Жирков уҥа илиитин ылгын тарбаҕын бүк баттыыр. Н. Якутскай; 2) көсп. - көҥүл-босхо олордубакка, баттаа-атаҕастаа, көлөһүннээ; ыарык-баттык буол. Θ Угнетать, эксплуатировать, давить. Норуоту хаатырга үлэтигэр, умнаһыттыйыыга бүк баттыыр, үүнүөх-сайдыах айылааҕы барытын хам тууйар крепостной тутул маасса сөбүлэммэт уонна бырачыастыыр санаатын үөскэтэр. “Ленин с. ”. Суох, бу курдук холуонуйа норуотун өр бүк баттаан олоруохтара суоҕа.
    Н. Якутскай
  • Уруккуттан бэйэ талааныгар эрэл улахан этэ. Арай ол эрэл аныаха диэри таска быктарыллыбакка бүк баттана сылдьыбыт.
    Н. Лугинов
  • Бүк тарт - туох эмэ уһун имигэһи туора тардан токурут (хол., хахыйаҕы), кими эмэ аллараа тардан төҥкөт. Θ Согнуть, пригнуть к земле что-л. длинное, гибкое (напр., березку), согнуть, нагнуть кого-л. Эмээхсин наһаа сымсаҕайдык кыыһы [Аанчыгы] ырбаахытыттан харбаан бэйэтигэр бүк тардан ылла.
    Амма Аччыгыйа
  • “Манна кыра дьон тойотторо кэллилэр диэбиттэрэ, олор бааллар дуо?” - диэн эмээхсин ыйыппытыгар, сирдьит кыыс бүк тардан ылан кулгааҕар: “Бааллар, бааллар”, - диэн хаһыытаан биэрдэ.
    Эрилик Эристиин
  • Кинилэр ол диэки баран, чараҥ быыһыгар киирбиттэрэ, биир үөл хатыҥ сиргэ бүк тардыллан түһэриллибит.
    Н. Заболоцкай
  • Бүк тут - тугу эмэни икки эбэтэр хас да хос буолар гына токут. Θ Свернуть, сложить что-л. вдвое или в несколько раз. Сыарҕа тумус быата буола сылдьар кирис өтүү быһаҕаһын үс хос бүк туппуттара.
    Күннүк Уурастыырап
  • “Мэ, дэбиэринэс бу баар... ” - биһиги киһибит Буут Уйбаанабыска бүк тутуллубут кумааҕыны уунна.
    Н. Габышев
  • Михаил Иванович сиэбиттэн түөрт гына бүк тутуллубут кумааҕыны сулбу таһыйан ылан, тэнитэн баран, директор иннигэр ууран биэрбитэ.
    Н. Лугинов
  • Бүк түс - нөрүччү, төҥкөччү тутун. Θ Согнуться, наклониться. “Ол курдук абааһы айбыта дуу, таҥара кыраабыта дуу”, - диэн баран, Марба санаата хараастан уйадыйда, бүк түһэн олордо.
    Күндэ
  • Мэхээс уруулугар бүк түспүтэ.
    В. Гаврильева
  • Дьаакыбылап оҕонньор бу аҕыйах сыл иһигэр хаар маҥан баттахтанар, кырдьан уҥуохтуун бүк түһэр. Н. Якутскай

«Б» буукуба