ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үгэ

аат тыл

Нууччалыы басня.

English fable, allegory

1 аат тыл #

Таайтаран этэр ис хоһоонноох, туохха эрэ үөрэтэр түмүктээх кылгас кэпсээн эбэтэр хоһоон

Нууччалыы Басня. Саха литературатыгар бастакы үгэлэри С. А. Саввин–Күн Дьирибинэ суруйбута. Баҕатаайыскай бастакы кинигэтин үгэлэригэр билиҥҥи олоххо баар араас итэҕэстэрдээх, омсолоох дьону саралыыр. ТЫН КХК. "Буруй эрэ моттойоҕо" диэн норуот үгэ хоһооно манна туттуллубута айымньы элэктиир туоһун күүһүрдэн биэрэр. КНЗ КАӨ

2 аат тыл #

Элэк оҥостуу, үгэргээн этии, таайтаран күлүү-элэк гыныы

Нууччалыы Ирония. Бу олоҥхо иһэ истээх олоҥхо буолла! Ба6ыттан атаҕар диэри үгэ. Олоҥхоһут өксөкү кыыла – ити өрөбөлүүссүйэ буолар. Эрилик Эристиин. Сөбүлүүллэрэ-сиилииллэрэ биллибэттик үгэнэн кэпсэтэр идэлээх оҕонньоттор, кинини кытты судургутук кэпсэтэллэр. Амма Аччыгыйа. Үгэҕэ үгэнэн хардарыам этэ да Мин быһаччы этэри таптыыбын. И. Гоголев

«Ү» буукуба