ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үҥүү

аат тыл

Нууччалыы молитва; поклоняться

English prayer, worship

Ис хоһооно · 9

1 аат тыл #

Нууччалыы молитва; поклоняться

English prayer, worship

  • Таҥараҕа үҥүү
    молитва Богуprayer to God

2 аат тыл #

Нууччалыы жалоба

English complaint, appeal

  • суукка үҥүү
    жалоба в судan appeal to the court

3 аат тыл #

Нууччалыы моление; поклонение

English praying, worshipping

I

4 аат тыл #

, эргэр. Уһун мас уктаах, 20-30 см уһуннаах, 4-5 см кэтиттээх икки өттүнэн биилээх уһуктаах тимир төбөлөөх батары анньан өлөрөр сэриилэһэр сэп

Нууччалыы Копье, пика

  • Улуу Тыгын бүтүн саха норуотун бас билээри Олоохунанан – Бүлүүнэн, Мүрүнэн – Тааттанан өргөстөөх үҥүүтэ, саабылаан батаһа кыа хаанынан суунаҕаламмыт.
    П. Ойуунускай
  • Булчут уол баабыры хонноҕун анныгар үҥүүнэн супту түһэн кэбиспит.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини тимир оһох иннигэр икки өттүнэн биилээх үҥүүтүн буруустаан кикирийэ олорор этэ
    Л. Попов
II

5 аат тыл #

,

6 аат тыл #

Таҥараттан көрдөһөн мэлииппэ ааҕыы

Нууччалыы Молитва. Сарсыардааҥҥы үҥүүгэ Куолакалы оҕустулар. Н. Некрасов (тылб.)

7 аат тыл #

Кимиэхэ-туохха сүгүрүйүү

Нууччалыы Поклонение кому-чему-л., преклонение перед кем-л. [Чааһынай бас билии] -- үбү эмэгэт гынан үҥүүнү, мантан да атын сидьиҥ кэмэлдьилэри үөскэтэр

8 аат тыл #

П. Соколова этэринэн эһэҕэ үҥүү, кинини төрүппүт этэ диэһин, ити гынан баран, урукку өттүгэр соҕотох Сибииринэн эрэ муҥурдаммат эбит. Багдарыын Сүлбэ. айыыларга үҥүү биир умнуллубат суолунан оһуохай буолар. ВВЕ СТИ

III

9 #

көр үҥсүү. [Ньукулай:] Тугу истиэмий, арай аҕам оҕонньор үҥүүтүнэн бүгүн кулуба кэлэр үһү. А. Софронов. Малыкаан Сиидэрэпкэ үҥүү киллэрбит үһү диэн нэһилиэккэ сип-сап саҥа тарҕана охсор. Күндэ

«Ү» буукуба