ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аалсыы

аат

Нууччалыы конфликты, столкновения

1 аат #

Сөпсөспөт буолуу, хабырыйсыы, адаарыһыы

Нууччалыы Конфликты, столкновения (между людьми, поколениями людей)

  • аалыс диэнтэн хай. аата. Хатырбыт тараһа икки хатырыктаах мас буоланнар хатыылаах аалсыытыгар кэм туох эрэ тахсыах тустаах.
    Эрилик Эристиин
  • Уулуссаҕа киһи көбүөхтэс. Төттөрү-таары аалсыы, кэлии-барыы баһаамнаабыт.
    А. Софронов
  • Ирбитин оптуобуска киирдэ. Дьон аалсыытыгар кыһаммакка, бэйэтэ саныыр санаалаах истэ.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (2)
  • Көлүөнэлэр солбуйсуулара былыр былыргыттан судургутук, аалсыыта-араабыта суох ааспат.
    И. Аргунов
  • Үйэлэр алтыһыыларын, аныгы былыргыны кытары аалсыытын, атааннаһыытын итиэннэ аргыстаһыытын туһунан кини [Торопуун] хаһыаттарга, сурунаалларга ирдээн туран сэҥээрэн ааҕар
    В. Яковлев

2 аат #

физ. Эттик атын эттик ньууругар сыстан хамсыыра

Нууччалыы Трение. Атах таҥаһын уллуҥа тротуары кытта аалсыытын улаатыннараары, муус тоҥот саҕана тротуарга кумах куталлар. ПАФ Ф-6

3 этии #

Аалсыы күүһэ физ. - биир эттик атын эттик ньуурун устун хамсыырыгар үөскүүр уонна ол хамсааһыны утарсар күүс

Нууччалыы Сила трения

«А» буукуба