ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аанньал

аат тыл

Нууччалыы посланец бога, ангел

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Араҥаччылыыр, харыстыыр үтүө санаалаах таҥара илдьитэ

Нууччалыы Посланец бога, ангел

  • Айыы тойон таҥара, кынаттаах аанньаллар, аан ийэ дойду иччилэрэ, Лоокууту толору дьоллооҥ, уһун үйэлээҥ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Үөхпүт киһиттэн кэлэйэн аанньала үс түүннээх күҥҥэ баран хаалар.
    Амма Аччыгыйа
  • Эн билэҕин дуо, сулустар тустарынан? Кинилэр сүтэрбит дьоллорун көрдүүр аанньаллар оттуммут кутаалара үһү ээ
    Н. Лугинов
  • Аанньал, таҥара мөссүөнэ. Θ Изображение ангелов в иконах. Оҕо сылдьаммын бастаан таҥараҕа тиксэ киирдэрбин эрэ, хараҕым аанньаллартан, сибэтиэйдэртэн арахпат этэ
    Болот Боотур

2 аат тыл #

Кэрэ, нарын, аламаҕай үтүө санаалаах киһи (үксүгэр дьахтары таптаан, хоһуйан этиигэ)

Нууччалыы Добрый, нежный, привлекательный человек (обычно о любимой женщине)

  • Махтанабын аанньалларбар - мааны арылы кыргыттарбар, Куппун туппут хотуттарбар, Алгыс аптаах айыыһыттарбар.
    Л. Попов
  • Сэгэрэ, аанньала, Хотуна Сир кэрэ симэҕэр холонно. Эллэй. Атыттар туох да диэн эттиннэр - эн миэхэ аанньалым буолаҕын. Атыттар таллыннар, сирдиннэр - эн миэхэ сүрэхпэр сылдьаҕын
    Р. Баҕатаайыскай

3 аат тыл #

Үтүө санаатыттан киһиэхэ улахан өҥөнү оҥорор, кутталтан, алдьархайтан быыһыыр киһи

Нууччалыы Человек, делающий добро, избавляющий от неприятностей, беды (по своей душевной щедрости)

  • Дьэ, Кууһума биһиэхэ аанньал буоллуҥ.
    Н. Павлов
  • Субу баардыы өйдүүбүн, Оҕом туһа дии-диигин Сүүрбүккүн, түбүгүрбүккүн. Олус да үгүс үтүөлээх, Ааҕан сиппэт өҥөлөөх Аанньал киһи эбиккин.
    И. Гоголев
  • Мин олохпун быыһаабыт маҥан халааттаах аанньаллары үйэм тухары күндүтүк саныыбын
    Кыым

4 этии #

Нууччалыы Быть в хорошем расположении духа

  • Аанньала киирбит - санаата көммүт, көнньүөрбүт Ол аанньала киирдэҕинэ - аанньал, абааһыта киирдэҕинэ - абааһы кырдьаҕас.
    Болот Боотур
  • Аанньалым аҕынна эргэр. - ытырдыбыт киһи инньэ диир. Θ Ангел мой меня поминает (говорит чихнувший). [Ыналба ытырдар:] Аанньалым аҕынна быһыылаах. Дууһа үөскээри гыммытын билэн, баҕар, аанньалым үөрбүтэ буолуо.
    П. Ойуунускай
  • [Күкүр Уус үстэ субуруччу ытырдар:] Туох баҕайытай доҕор? Аанньалым аҕыннаҕа эчи омунун. Суорун Омоллоон

«А» буукуба