Перевод с якутского
аара
аат тыл, сыһыат
Нууччалыы по пути, по дороге
1 сыһыат #
Ханна эрэ баран, айаннаан иһэн, суолга
Нууччалыы По пути, по дороге
Аара тохтоо. Аара дьону көрүс. Аара төһө эмэ дьону, массыынаны, тыраахтары эмиэ көрүстүлэр.
Суорун ОмоллоонКинилэр аара нэһилиэк сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр таарыйбыттара. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Аҕам сааспын, сүгэһэрдии, Аара устан хаалларыам, Уонна дьэ эр бэрдинии Алаас сыырын дабайыам С. Данилов
2 аат тыл #
суолт. Барыллар сир, барыллыахтаах суол; тахсыбыт сиртэн тиийиллиэхтээх сир икки арда
Нууччалыы Путь, который преодолевают; путь между пунктом отправления и прибытия
Аараны быһа Микиитэ билэр ырыаларын иккиэн ыллаан, билбэтин Бииктэр соҕотоҕун ыллаан кэллилэр. Амма Аччыгыйа [Адыгей] хааман тэлэкэччийэн иһэн, аараттан олох маһы эһэ охсон аҕалан биһиги остуолбут аттыгар "тарк" гына бырахта. Амма Аччыгыйа Ср. туркм. аара ‘промежуток’