ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аарыма

даҕааһын

Нууччалыы очень мощный, крупный, внушительных размеров

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кини [тиит] остуоруйаҕа этиллэр аарыма бухатыыр курдук аар тайҕаны быһар төбөтүнэн үрдээн көстөр.
    И. Данилов
  • Оҕо адьас кыратыттан ыла барыны билэ үөрэниэхтээх, оччоҕо эрэ кини төрөөбүт төрүт айылҕатын - аар тайҕатын, аарыма таас хайаларын таптыахтаах.
    А. Кривошапкин
  • Мин хаамабын дьон бөлөҕөр, Бу аарыма тутуулары сөҕө: Мин дойдубар - Саха сиригэр Үүнүөхтэрэ эбээт маннык дьиэлэр.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Бэрт сэдэхтик көстөр муус үйэ аарымаларын (мамоннар тустарынан) бүтүн өлүктэрэ, дьардьамалара булуллан баран наука үлэһитин кулгааҕар тиийбэккэ хаалар түбэлтэлэрэ үгүс этэ
    ГКН МҮАа

2 даҕааһын #

Олус улахан, баараҕай (көрүҥүнэн, кээмэйинэн)

Нууччалыы Очень мощный, крупный, внушительных размеров

3 даҕааһын #

Ытык кырдьаҕас; кырдьаҕас уонна улахан (үксүн кыыл туһунан)

Нууччалыы Почтенных лет, старый и мудрый (обычно употр. как эпитет, почитающий старость); матерый (о животных)

  • Дьахталлардыын, оҕолордуун, аарыма кырдьаҕастардыын үлэҕэ утахтара хамматахтыы дьулуһаллар.
    М. Доҕордуурап
  • Миичээн иннигэр аарыма хардаҥ эһэ кинини уоттаах харахтарынан уун-утары көрөн турар эбит. А. Кривошапкин (тылб.)

«А» буукуба