ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ааттан

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы считаться, слыть кем-л., каким-л

1 аат тыл #

Дьоҥҥо тугунан эрэ билин; ханнык эрэ сурахтаах буол, өйдөбүлү биэр (онно суох эбэтэр дьиҥнээх)

Нууччалыы Считаться, слыть кем-л., каким-л

  • диэнтэн бэй., атын. туһ. Биһиги дэриэбинэ дьоно бэйэлэрин "дьаамнарбыт" диэн ааттаналлар.
    Н. Габышев
  • Артыаллар, ТСОЗ-тар дэсиһэннэр, Тус-туспа бөлөхтөһөннөр, Харыйалаах ыаллара наардаһан, "Үүнүү" диэн ааттаннылар.
    С. Васильев
  • Төннөллөрүгэр Солуураптар инилэрэ, уҥуоҕунан кыра буолан "Кыра Уйбаан" диэн ааттаммыт киһи, илдьиркэй болтуотун устан Микиитэҕэ уларыста.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (7)
  • "Ол киһи үүммүт" диэн буоллаҕына, ол киһи билиитэ, сайдыыта, өйө-санаата кэҥээн иһэрин ааттанар.
    Суорун Омоллоон
  • Кини Салбаныкы Сүөдэр диэн албынын, иҥсэлээҕин иһин ааттаммыта. М. Доҕордуурап
  • Бүгүн Чүөчээски сүппүт ааттаммыта, туора дьон истиитигэр, иккис күнэ буолла.
    Суорун Омоллоон
  • Манна хоту дойдуга сылга биир киһи сырыттаҕына, ол аата элбэх сырыылаах сир диэн ааттанара
    Н. Якутскай
  • Ханнык эрэ ахсааҥҥа, суолтаҕа сырыт, киминэн-тугунан эрэ ааҕылын. Θ Считаться кем-л.; находиться на каком-л. счету. Институт куоталаһыы кыайыылааҕынан ааттаммыт!
    Н. Лугинов
  • Дьиҥнээх бассабыыгынан ааҕымматым буоллар, бассабыыгынан ааттаныа суох этим.
    М. Доҕордуурап
  • Аҕабытын кулаак оҥордулар. Ол эн син биир кулаак уола ааттаныаҥ. Эйиэхэ эрэл суох буолуоҕа
    Н. Якутскай

2 этии #

Нууччалыы Удостоился почести, стал славным, знаменитым

  • Үрдүк (үтүө) ааттаммыт - үрдүк чиэһи, бочуоту, ытыктабылы ылбыт Үрдүк ааттанан, үтүө сурахтанан, өрөгөйө үрдээн, хараҕа уоттанан, үс өргөстөөҕүнэн өрүтэ көрбөхтөөн: "Бука барыгытыгар - махтал! " - диэн тыл эппитэ үһү.
    П. Ойуунускай
  • Миигин да өлөрөн Ордук үтүө ааттаныаҥ суоҕа... Өссө тыыныҥ ыарыа, Күлүгүҥ хараарыаҕа. Ньургун Боотур

3 этии #

Нууччалыы Заслужить громкую славу, широкую известность

  • Албан ааттан үрд. - сөҕүмэр киэҥник, дарбааннаахтык сураҕыр, киэҥник билин Фашистар самныбыт былаахтара Сиринэн сыһыллан аастылар. Биһи знамябыт албан ааттанан Үөһэнэн тэлимнээн бардылар.
    И. Чаҕылҕан
  • Ааттаах албан ааттанаар, Улуу дьоллоох сурахтанаар. Нор. ырыаһ

«А» буукуба