Перевод с якутского
ааттат
таа I диэнтэн дьаһ. туһ. Бу уолу [төрөппүт уолларын] дьахтарынаан иккиэн сүбэлэһэн, бырасылаабынай миэрэҕэ сүрэхтээн Андрей диэн ааттаппыттар. Эрилик Эристиин Ийэкээм, кырдьан буорайдаҕыҥ, Сыл-хонук былыта саптаҕа, Кэриэһиҥ, биир уол оҕолооҕуҥ, Эн кэрэ ааккын ааттатыаҕа. И. Эртюков Саалаах саха уола ханна-ханна тиийдэ, хас боруон, учаастак аайы саха аатын ааттатта?! Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
таа II диэнтэн дьаһ. туһ. Ньукууса, быһа ааттатан, Туойар иэһин толорор, Байбал адьас аккаастанан, Баһын тарбыы олорор. Күннүк Уурастыырап [Ааныка:] Ити айылаах дьүһүннэнэн, оҕонньорбут арахсар дуу, быһыыта. Куттаан ааттатаары гынара эбитэ дуу? С. Ефремов Үксүгэр ыҥырыллан ыалдьыттыы кэлбит дьон остуол саҕаланыытыгар кыайан аһаан-сиэн биэрбэккэ, дьиэлээхтэри бэркэ ааттатан эрэйдээччилэр. Н. Лугинов