ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ааһан

туохтуур

Нууччалыы выражает отношение превышения с оттенком противопоставления (управляет винительным падежом притяж

1 туохтуур #

дьөһ

  • Кини хоһоонньутун ааһан, бэртээхэй мэлэдьиис этэ.
  • Соҕуруу дойдутун ааһан, Саха сирин холкуостарыгар элэктэриитэстибэ күүһүнэн үлэлэээн эрэллэр
    М. Доҕордуурап
  • Арахсыспат холбоһуктарга ааттары таһаарыы түһүккэ салайар. Θ В устойчивых сочетаниях управляет исходным падежом имен. Уоттаах халлаан улуу уураахтарын быһыытынан буоллаҕына, Бэйэҕиттэн ааһан бэдэргиттэн иэстиэхтэрэ
    П. Ойуунускай

2 туохтуур #

Ааһа түһүү сыһыанын утары туруоруу дэгэттээх көрдөрөр (ааттары туохт. түһүк тард. ф-гар салайар)

Нууччалыы Выражает отношение превышения с оттенком противопоставления (управляет винительным падежом притяж. склонения: более того, сверх того, помимо того, не только, но и)

3 туохтуур #

Утарыта туруоруулаах ааһа түһүү сыһыанынан салаа этиилэри, оборуоттары холбуур

Нууччалыы Присоединяет придаточные предложения и обороты, выражая противопоставления по линии превышения

  • Соторутааҕыта аҕай үөрбүт-көппүт дьүһүннэрэ мэлийбитин ааһан, оннооҕор курутуйбут курдуктара.
    Н. Лугинов
  • Онон мин аҥаардас нуучча сиригэр биллэрбин ааһан, аан дойду улуу омуктарыгар биллибит киһибин.
    Эрилик Эристиин
  • [Кинилэр] төлөннөөх сүрэхтэрэ кыырыктаах кыргыһыыга уоттуу умайалларын ааһан, түрбүөннээх үлэҕэ эмиэ тиҥиргэччи тэбэллэрэ.
    П. Егоров
Өссө холобурдар (1)

«А» буукуба