Перевод с якутского
аба
аат тыл
Нууччалыы досада, раздражение
English poison
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Улахан кыһыы, кыйаханыы; хомойон, өһүргэнэн кыйыттыы
Нууччалыы Досада, раздражение
Көскө да барбыт абабар уонна кини да кэриэс суругар хоруйдаан ырыа суруйбутум.
П. Ойуунускай"Абата бэрт ээ. Ол иһин соруйан... саҥардым. Кини даҕаны кыһыйдын буоллаҕа", - диэн быһаарыыта суохтук боллурҕаабытынан оҕонньор аргыый тахсан барда. Амма Аччыгыйа Ырыа үөскүүр үөрүүттэн, Биитэр ааспат абаттан, Биитэр өлөр мөккүөртэн, Биитэр улуу тапталтан, - Кууллаттарыы муҥуттан С. Данилов
2 аат тыл #
суолт. Тугу да гынар кыах суоҕуттан, кыһыы-хомолто түмүллүүтүттэн тахсар күүстээх иэйиини көрдөрөр (тард. ф-ҕа, үксүгэр атын тыллары кытта холбуу тут-лар)
Нууччалыы Выражает крайнюю степень досады, раздражения, бессильную злобу (обычно употр. в сочет. с др. словами, межд.)
Кимнээх буоламмыт Киэҥэр-куоҥар кистээн Киһи оҥоруо баарай? Аай-аайбын! Ыый-ыыйбын! Аанай-туонай абам эбит!
П. ОйуунускайБу кэрэдэк тылын истиҥ! Соруйан гынар ээ ити! Абам да баар эбит... Амма Аччыгыйа Оо!.. Абам эбит... Саатар Марисаны кытта бырастыылаһарга чаас аҥаара көҥүллээбэтэх буоллахтара. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Оо, абата эбит, туох истиэ баарай!!! Күннүк Уурастыырап
3 этии #
Айаҕын абатын көр айах
4 аат тыл #
, эргэр
5 аат тыл #
Сүлүһүннээх, хабархай солох
Нууччалыы Щелочь. Бу күөл уута абалаах, киһи-сүөһү испэт уута. СГФ СКТ
6 аат тыл #
Уулаах сиргэ үүнэр, ынах-сүөһү сиэн өлөр сүлүһүннээх от, бурут от
Нууччалыы Ядовитое растение, которым отравляется и гибнет скот; цикута, вех, сурепка
Аастахха аба да амтаннаах, утаттахха уу да минньигэс (өс ном.)