ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

абааһы

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы некрасивый; чудовищный

English ugly, monstrous

Ис хоһооно · 12

1 даҕааһын #

Нууччалыы некрасивый; чудовищный

English ugly, monstrous

  • үтүө биэттэн абааһы кулун төрөөбүтүгэр дылы
    словно добрая кобыла родила дурного жеребёнкаas if an ugly foal was born from a kind mare

2 аат тыл #

Нууччалыы урод; чудовище

English freak, monster

3 аат тыл #

миф., фольк. Саха итэҕэлинэн, киһиэхэ, сүөһүгэ куһаҕаны оҥорон, өлүүнү аҕалар ("сиир"), киһи хараҕар көстүбэт эбэтэр дэҥҥэ көстөр өстөөх, куһаҕан тыын

Нууччалыы Абасы, злой дух, злое начало; дьявол, сатана, вредные и враждебные человеку "обитатели" земли

  • Абааһыны абааһы сиэбэт (өс ном.). Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат (өс хоһ.). Айыыларга утары турар күүс абааһы - ыарыы, өлүү-сүтүү төрдө. Итинтэн саха мифологиятын сүрүн геройдара үс суол наарданан арахсаллар: айыылар, иччилэр, абааһылар
    Саха фольк

4 аат тыл #

Ойууннары араҥаччылыыр, кыырар кэмнэригэр кинилэргэ көмөлөһөр, биллибэт күүстэри кытта тиксэрэр тыын (көннөрү дьоҥҥо көстүбэт)

Нууччалыы Духи - покровители и помощники шаманов во время их камлания (дух - покровитель шаманов исполнял роль посредника между людьми и различными сверхъестественными существами). [Ойуун Баһылай:] Абааһыларым олох чугаһаабатылар, онон кураанаҕынан уһун түүнү быһа кутурбута буоллум

  • Чачыгыр Таас ойуун бары мустубут үөрдэрин, абааһыларын атыырыгар иҥэрэн, атыырын кутун-сүрүн, көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин иннигэр үүрэн-түрүйэн,--кэнийэн-таныйан айаннаабытынан бардаҕа
    П. Ойуунускай
  • Кырдьык, абааһы оҕонньор сурахтааҕа, урукку ойоҕун кырбаан ыарыы оҥорон өлөрбүт.
    А. Софронов
  • Адьас атар абааһы майгылаах киһи. Ордук-хоһу тыла, кыыһырымтаҕайа туох да сүрдээх.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (4)
  • [Роман:] Биэрэккэ биир абааһы сытыйбыт тыы баарынан арыыга туоруубун диэн ууга түспүт.
    С. Ефремов
  • Дьаакып кыһыл сукуна сабыылаах остуол иннигэр абааһы эргэ бартыбыалын дуомун кыбынан баран, арбы-сарбы буолан, токуччу соҕус туттан турда
    Н. Заболоцкай
  • Кутталлаах, буортулаах; ыарыылаах. Θ Опасный, вредный; болезненный. Ийэлэрин аһыыта саҥардыы мүлүрүйэн, дьэ уһаан-кэҥээн эрдэхтэринэ, аны бу абааһы дьаҥа адаҕыйда.
    Ф. Софронов
  • Ээ, киэр гын, абааһы аһын. Оннук этэ дуу? Эн, табаҕы тарпат киһи, өлбөтүҥ буолуо. Эчи, хаарыаны!
    Н. Лугинов

5 аат тыл #

Олоҥхоҕо, остуоруйаларга айыы бухатыырдарын утары охсуһар Аллараа, Үөһээ дойдуга олохтоох, күүстээх, ынырык сидьиҥ дьүһүннээх күтүрдэр

Нууччалыы В героическом эпосе олонхо - чудовища, враждебные племени айыы и вступающие в сражения с богатырями светлого мира

  • Абааһы бухатыыра. Абааһы кыыһа.
  • Бу орто дойду дьоллоох киһитин-сүөһүтүн барытын бу үөһээ-аллараа абааһылар бэркэ атаҕастаан эрэллэр, дьоллоох киһитин-сүөһүтүн бараталларыгар тиэртилэр.
    Саха фольк
  • Абааһы аймаҕыттан адьырҕа атамааннара мин буолабын, көстүбэт киэнэ күтүр күүстээхтэрэ мин буолабын. Ньургун Боотур. Билигин аҕай абааһы уолун курдук тимир тириитин кэтэн сарылыы-орулуу турбута суох буолан, бэрт эйэҕэс куолаһынан [эттэ]
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Мунньан бүтүөх... Абааһыны! Ааргы эрэ сынньаммат... Омурҕанныыр уолдьастаҕа.
    И. Гоголев
  • Абааһы! Эрдэ кэлэрэ суох!
    Н. Неустроев

6 аат тыл #

Сатаан үөскээбэтэх, итэҕэс, чиччик (үксүгэр торбос, оҕо)

Нууччалыы Урод (прирожденный - обычно о теленке, ребенке)

  • Абааһы торбос.
  • Үтүө биэттэн абааһы кулун төрөөбүтүгэр дылы (өс ном.). [Далбарай:] Эн киһигин дуо, нохоо? Эн чиччик, абааһы буолбаккын дуо, сордоох. [Хабдьы:] Чиччик, абааһы буолбатахпын, киһибин. Оннук буолтум да иһин, мин буруйум буолбатах
    Н. Неустроев

7 аат тыл #

үөхс. Дьиккэр, үөдэн, дирээн

Нууччалыы Дрянь, негодяй, паршивец

  • Ити абааһыны, урукку олох эбитэ буоллар, хамначчыт да гынар баһа биллибэт этэ.
    П. Ойуунускай
  • [Суон Дьөгүөр:] Абааһы, эн миэхэ хааҥҥын хаһан уулатан, "кырдьык, кырдьык" диигин?
    Күндэ
  • [Сөдүөччүйэ - Манчаарыга:] Хата, аҥаардастыы Алдьатаргын истэ-истэ, Адьарайы аҥаардаммыт Алыс абааһы буолуо диирим
    А. Софронов

8 аат тыл #

Дьаабал, бэдик, эристиин, көстүбэт, көкөт (үксүгэр элэктээн, үгэргээн эбэтэр биһирээн, хайҕаан этиигэ)

Нууччалыы Дьявол, бестия, шельмец (обычно иронически или одобрительно)

9 даҕааһын #

суолт. Олус куһаҕан, нэгэй; көстөр көрүҥүнэн аанньата суох

Нууччалыы Скверный, дрянной; негодный

10 аат тыл #

суолт. Кыыһырыы, хомолто, кэмсинии холбоспут иэйиитин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает сложное чувство раздражения, досады, сожаления

11 этии #

Нууччалыы Быть в крайне дурном расположении духа; стать совсем нетерпимым

Этиилэр

Абааһы имнэммит көр абааһы кымньыылаабыт

Абааһыга дылы арбаама - кырдьыгынан-сымыйанан олус наһаа хайҕаама (ойуун кэрэххэ тут-лар сүөһүтүн наһаа хайҕаан кэпсииригэр холоон этии)

Безмерно не возноси, не расхваливай (букв.

  • не расточай похвалу, подобно черту. Выражение пошло из-за того, что раньше шаман расхваливал жертвенное животное, предназначенное для умилостивления злых духов).

Абааһы имнэммит көр абааһы кымньыылаабыт

[Марыына:] Абааһы имнэммит буоллаҕына, кырдьык өлөрүө даҕаны. А. Софронов. Абааһы имнэннэҕэ буолуо - бэйэтэ да сөбүлээбэтин алҕас оҥорон кэбиспит киһи кэмсинэн этэр тыла.

Выражение крайнего сожаления о своем поступке (соотв. черт меня дернул).

  • Абааһы киһи (дьон) -1) олус куһаҕан, нэгэй киһи. Скверный, дурной во всех отношениях человек. Сэргэчээн Дьэргэттэн куйахата күүрдэ, дьулайда, абааһы киһи эбит дии санаата.
    Болот Боотур
  • Ити миигин кытта төрөөбүт киһийдээн. Абааһы киһи. Кинини кытта арыый аҕай киһи аахсыбат киһитэ. Н. Неустроев; 2) кэпс. - көннөрү дьонтон тугунан эрэ чорбойон, онон сөхтөрөр киһи (хол., кыайыгаһынан, тылынан-өһүнэн, харса суоҕунан эҥининэн). Выделяющийся какими-л. качествами, яркий, впечатляющий человек (напр., по силе, интеллекту, храбрости и т. д.). Утарылаһааччыларын барыларын хапсаҕай албастарынан кыайда - абааһы киһитэ эбит! Абааһы көр - сөбүлээбэккэ куһаҕаннык сыһыаннас; искэр киллэримэ. Питать антипатию, относиться недружелюбно; питать злобу, ненависть, быть нетерпимым к кому-чему-л. Кинини арай Федя букатын сөбүлээбэт. Ол оннугар Катерина Павловна кини атаһын Клими сөбүлээбэтин ааһан, абааһы көрөр.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (9)
  • Владимир Ильич олоххо даҕаны, искусствоҕа даҕаны сымыйанан күүркэтэ, дарбата, киэргэтэ, Уустугурда сатыыры олус абааһы көрөрө. Софр. Данилов. Доропуун оҕонньор бэйэтэ да, онтон-мантан сиргэнэ үөрэнэн хаалбыт былыргы киһи буолан, чохуну өлөрдүү абааһы көрөр үгэстээх.
    Н. Заболоцкай
  • Абааһынан арбаа эргэр. - абааһы баар диэн элбэхтик кэпсээ, айаҕалан; абааһылаах, абааһы олохсуйбут диэн кэпсээн, тыл ыыт. Пускать слух, мнение, будто где-то водятся черти. Бу сири абааһынан арбаабатахтара буоллар, былыргы үйэҕэ киһи-сүөһү олохсуйан, бу ыарҕалаах кытыллар унаарар хочо буолан устуо этилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Абааһы олоппоһо - олус намыһах уҥуохтаах киһини күлэн-хаадьылаан этии. Чертова табуретка (шутливое выражение об очень низкорослом человеке). -Ылыҥ, тэҥнэһиҥ. -Пахай, сыалай биир тутумунан намыһаххын. Абааһы олоппоһо, туораа-туораа.
    ХС
  • Абааһыта киирдэ - кыыһырда, тугу да тулуйан истибэт буолла. Находиться в большом раздражении, быть нетерпимым к чему-л. Эһэ буоллаҕына, сааһыгар тыа чуумпутугар бүгэн үөскээбит баҕайы, төһө да абааһыта киирбитин иһин, бачча үгүс өстөөххө мөрөйдөтө үөрэммэтэх буолан, син дьулайа-толло санаабыт.
    Н. Заболоцкай
  • Ол аанньала киирдэҕинэ - аанньал, абааһыта киирдэҕинэ - абааһы, абааһы кырдьаҕас.
    Болот Боотур
  • Абааһыта суох иир - улахан биллэр-көстөр биричиинэтэ суох долгуйан айман, дьону аймаа. Быть в сильном волнении без видимой для этого причины (букв. без черта стать сумасшедшим). Арыгыта суох итирдим, абааһыта суох иирдим!.. Мородулар соҕуруу көлүйэ боруутугар түстүлэр! - Миитэрэй, саатын туппутунан, соҕуруу диэки сүүрэн тэбэ турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Абааһы тириитин кэппит -киҥэ-наара алдьаммыт, тэппини истибэт буолбут. Он в крайнем раздражении, стал совершенно нетерпимым (букв. он на дел чертову шкуру). Сарсыҥҥы күн тугунан көрөн тахсара биллибэт. Баҕар кимнээҕэр ордук абааһы тириитин кэтиэ.
    Н. Заболоцкай
  • Абааһытынан суланар түөлбэ - муҥатый (олус акаарытыттан, харса суоҕуттан киһи аахсыбат киһитэ муҥатыйарын туһунан). Сетовать, сокрушаться от того, что никто не желает считаться с ним (из-за его глупости или отчаянного поведения). Илэ абааһы - 1) эргэр. дьон хараҕар көстө сылдьар абааһы. Злой дух, показывающийся людям в глаза. Фашистар биһиги дойдубутун кутаа уотунан уматан тоҕо ааҥнаан киирбит кэмнэригэр, Өкүлүүн, "ньиэмэс" диэн тылы иһиттэҕинэ олоҥхоҕо-остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук илэ абааһылары санаатыгар көрө түһэр буолара. Софр. Данилов; 2) эргэр. - олус сиэмэх, ынырык хомуһуннаах (ойуун туһунан). Страшный в своей кровожадности, злыми всесильными чарами (обычно о так называемых черных шаманах). Үйэлээх сааһыгар кыыран ылбыт Үүһүн-кииһин тириитин Үллэһигэ суох кутар Икки эһэлээх Килээрис диэн Илэ абааһы ойууннаммыта [Мойуос кинээс]. С. Зверев; 3) ис-тас өттө абааһы курдук ынырык; киһи куттаныах сүрдээх-кэптээх. Страшный, безобразный своим обличьем-поведением человек. [Кыыс] ол курдук үтүө дьүһүнүн көрбөккө, илэ абааһы сирэйин кэтэн, түптээх олоҕу олорбокко, кыыллыйан, дьонуттан саһан, куота сылдьар, хата ханна чугас ыалга ойуун кыырдын да, онно баран олорор.
    Саха фольк
  • Миигин сиэбит да абааһы тиийбэт (ини) - хаһан да, ханнык да түбэлтэҕэ тиийбэт сирим диэн этии. Никогда и ни за что (мне) туда не добраться (букв. (туда) не доберется и (сам) черт, который съест меня). Ийээ, эн соҕуруу барыаххын баҕараҕын дуо? - Эчи суох, - дии охсор ийэм түргэн үлүгэрдик, - миигин сиэбит да абааһы онно тиийбэт ини. Далан

12 этии #

Нууччалыы Сонмище злых сверхъестественных сил, весь мир абасы

  • Абааһы аймаҕа - киһиэхэ өстөөх, алдьархайы аҕалар бары күүстэр, абааһылар удьуордара барыта Айыы аймаҕын Алгыыр эрэ этибит Абааһы аймаҕын Ааттаһар эрэ этибит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Абааһы аймаҕын Алгыспынан амарытар Аналлаах аатыраары Айаҕаланан ааспытым.
    А. Софронов
  • Абааһы илимэ бот. - маска эриллэн үүнэр синньигэс, уһун, күөх сибэккилээх үүнээйи. Θ Княжик, дикий хмель. Абааһы ойууна - кыырыытыгар сүөһү туттан кэрэх туруорар, абааһылары кытта бииргэ сылдьан аарыктанар ойуун. Θ Черный шаман (представитель черной веры, служитель злых духов). Абааһы тайаҕа бот. - суон, көҥдөй умнастаах, улахан ньолбуһах сэбирдэхтээх, холбуу зонтикка бөлөхтөһөр кыра, маҥан, сибэккилээх, үксүгэр кырса алдьаммыт сиргэ үүнэр хатыылаах сыыс от. Θ Дудник, борщевик. Бурдук быһан баран, сиэрпэнэн дэйбиирдэнэн иһэр мэник уол абааһы тайаҕа эрбэһини төрдүнэн быһа охсубутун курдук, Сөдүөччүйэ нуоҕайан охтон иһэн аргыый баҕайы сибигинэйэн: "Сорбуу-уун," - диэбит саҥата иһилиннэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (6)
  • Балаҕан кэннигэр өрдөөҕүтэ кии мунньуллубут томторун оҕотугар эрбэһиннэр, абааһы тайахтарын, кучуппа уонна хатыҥ оттор сэтиэнэхтэрэ кубарыһа хаппыттар.
    Л. Попов
  • Саһыл икки кулгааҕар абааһы тайаҕын төрдүгэстэрин муос курдук кыбытан баран, үрэх түбэтин устун аргыый сиэлэн сэппэйэн истэ.
    П. Ламутскай
  • Абааһы талаҕа бот. - түөрт миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх, үөккэ майгынныыр умнастаах, кыра кыһыл отонноох талах. Θ Бузина красноплодная. Абааһы үрүмэччитэ зоол. - 1) түүлээх, улахан түүҥҥү үрүмэччи. Θ Большая мохнатая ночная бабочка, бражник, сумеречница; 2) сарыы кынат. Θ Летучая мышь. - Арай тыаһа суох элээрдэ Абааһы үрүмэччитэ. Түһээн дуу, ойуурга биирдэ Түүҥҥү чыычаах "чууп" диэтэ.
    Баал Хабырыыс
  • Торбос абааһыта эргэр. - торбоһу "сиир", ыарытыннар, кыра кыахтаах, бытархай, сэнэнэр абааһы. Θ Злой дух, портящий, губящий телят (самый мелкий, ничтожный, обычно вызывающий презрение). Тамыйах абааһыта кулуҥҥа чарапчыламмытыгар дылы (өс хоһ.). [Кэтириис:] Эн сүөрбэтэх буоллаххына, торбос абааһыта сүөрбүт дуо?
    С. Ефремов
  • Хаһыытынан торбос абааһытын куттуур ааттаах уот кыһыл бөтүүктэрэ хотон сэбиргэнэтигэр тахсан утуктаан куоҕайа олорор эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ср. др. -тюрк. абачу ‘пугало’

«А» буукуба