ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

абакка

аат тыл

Нууччалыы сильная досада, крайнее раздражение

1 аат тыл #

Олус улахан хомолто, кыһыы (үксүгэр күүстээх иэйиилээх этиилэри доҕуһуоллуур)

Нууччалыы Сильная досада, крайнее раздражение (обычно сопровождает эмоционально- аффективное выражение)

  • Кистээбэккэ эттэххэ, ыарыытынааҕар абакката ордук күүстээх.
    И. Гоголев
  • Хоһоон суруйарга, тыл этэргэ, Доҕоттоор, эһигинниин кэпсэтэргэ Миигин соруйда өс-саас, абакка.
    Л. Попов
  • Чугас ыаллыы үөскээбэтэх Тугун баҕас абаккатай! Тоҕой суолга көрсүбэтэх Тоҕо баҕас кыһыытай!
    С. Васильев

2 аат тыл #

Муҥутуур кыһыы-аба түмүллүбүтүн, ону тута ситиһэр, тугу да гынар кыах суоҕуттан тахсар муҥатыйыылаах күүстээх иэйиини көрдөрөр (үксүгэр тард. ф-гар атын тыллары кытта уустук этиини үөскэтэр)

Нууччалыы Выражает крайнюю степень раздражения, бессильную злобу (обычно употр. в притяж. ф. и в сочет. с др. словами, образуя межд. предложение)

  • Иэримэ дьиэ итиититтэн тэйэн, Алгыстаах аал уот баһын билэртэн Арахсан сылдьарым Абаккатын эбитин ньии!
    А. Софронов
  • [Онтоон - Түмэппийгэ:] А, бу абаккам да баар буолар эбит! Бу хара ыттар, бу бэҕэһээҥҥи саах үөннэрэ, бу муҥнаан-сордоон эрдэхтэрин көрүҥ эрэ. Абатын да абатын!
    Күндэ
  • Бу абаккабын көрүҥ эрэ! Мааҕын бэйэтэ айаҕын муҥунан хайҕаан айдаарбыта. Аны сирэн, сэнээн сордоон эрэр дии!
    Амма Аччыгыйа

«А» буукуба