ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

абырал

аат тыл

Нууччалыы спасение, избавление

1 аат тыл #

Иэдээнтэн, алдьархайтан быыһаныы, өрүһүлтэ (үксүгэр күүппэтэх өттүттэн)

Нууччалыы Спасение, избавление (от беды, гибели; обычно неожиданное)

  • Общиннай родовой тутул дьонун олохторо айылҕа абыралыттан эбэтэр кубулҕатыттан тутулуктаах буолан, бэйэлэрин айылҕаттан араара санаабат этилэр.
    Д. Сивцев
  • [Муустаах муора - Өлүөнэҕэ:] Айыҥат хаан аймаҕар Абыралы арыйдым дии-дии Аҥнан-бохтон, Абартыҥ даҕаны, Абааһы кыыс...
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кэппитэ сымнаҕас, истээх кээнчэ ип-итиинэн, сып-сылааһынан ыга тутта. - Аата, абырала! - тоҥмут, баастаах атахха Костя этэрбэһин кэтэн, баанан бүтэн баран, таалан олорбохтоото
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

Үтүө көмө, улахан туһа, үтүөнү-өҥөнү оҥоруу

Нууччалыы Большая помощь; добро, благодеяние

  • Дьоҥҥо улахан абыралы оҥордо.
  • Алдьархайтан абыралы таһаарар (өс ном.). Көмүс биир көмөтө, алтан биир абырала суох киһи (өс хоһ.). Кырдьаҕас эмчит эмп абыралын туһунан ахтыбата, дьиҥнээх сэрииһит сэрии героизмын туһунан кэпсээбэтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ити оҕонньор кырдьан, абырала ааһан, аны кимиэхэ да наадата суох буолбут быһыылаах
    Болот Боотур

3 этии #

Абырал баһа - абырал төрүөтэ, абырал тахсар сирэ Аптамааттаах аҥаар илии, Биирдэрэ - Абырал баһа - силлиэлии Ытыалыыртан тутаахтаах. Эллэй. Алгыс баһын салайдын, Айылгы төбөтүн арыйдын, Абырал баһын айхаллаан, Айдааран ахтан иһиэҕиҥ! А. Софронов

Нууччалыы Основание, начало, истоки добра

«А» буукуба