ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

абытай

даҕааһын, ынырыы

Нууччалыы жгучий

English burning, scorching

1 #

саҥа алл

  • Иккитэ-биирдэ ыҥыран эрдэҕинэ арай буутун уот хаарыйда. Чүөчээски "абытай!" диэбитинэн эргиллэ түстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Абытай! Абытайбын даа! Ханан эрэ Туох эрэ Уот чоҕунан хаарыйда!
    П. Тобуруокап
  • Абытай, куйаас да бөҕө буолбут.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (4)
  • [Вера:] Эчи абытайбын, эчи бустахпын, Ольга, эн букатын тириппэтэххин дуу
    С. Ефремов
  • Эмискэ дьөлө-хайа анньар курдук сытыы балысхан ыарыыттан саҥа таһаарыы. Θ Выражает острую жгучую боль (напр., при ранении). "Һуук, айакка, абытай!" - диэн сарылаабытынан, баттахтарын кытта өрө тустубутунан тойон олоро түстэ.
    Н. Заболоцкай
  • Коля көрүөн баҕаран, өндөйө-өндөйө ыта олордо, онтон эмискэ: "Абытай!" - диэн хаһыытыы түстэ [буулдьаҕа таптаран].
    Болот Боотур
  • Кыысчаан сирэйин ыдьырыччы тутта-тутта: "Абытай! Ыалдьар!" - диэбитэ
    И. Федосеев

2 #

Уокка, итиигэ, куйааска буспут киһи саҥата

Нууччалыы Выражает чувство сильной острой боли при ожогах, а также чувство сильной жары

3 #

"Балысхан ыарыы (ыарыылаах)"; "иэдээн"; "ынырык", "алдьархай", "дьулаан (дьулааннаах)", "суостаах", кутталлаах диэн суолталаах тыллар солбуктарын быһыытынан туттуллар

Нууччалыы Употребляется в качестве эквивалента слов типа "острая боль (болезненный)"; "беда, несчастье, погибель"; "ужас, ужасный, страшный"

  • Киһи тыла уоттааҕар абытай (өс хоһ.). Оҕолор этэрбэстэрин илдьи кэстэхтэринэ, сорохтор ийэлэрэ ол этэрбэстэрин быатынан иэннэрин таһыйаллара уот абытай да, ол уһаабакка умнуллааччы.
    ХС
  • Киһи этэ салаһыах, киһи куйахата күүрүөх абытай тыллаах-өстөөх дьоннор.
    П. Ойуунускай
  • Абытай аһыы хартыыһаны уоппут уол буолла...
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Бөппүрүөскэ биирдиитэ лаһырҕас солкуобайдыы - абытай сыана. Ол да буоллар ылааччы син элбэх
    Н. Заболоцкай

«А» буукуба