Перевод с якутского
адаарыччы
сыһыат
Нууччалыы стоймя, торчком
1 сыһыат #
Нууччалыы стоймя, торчком
2 #
Бэрээдэгэ, тэҥэ суох өрө, туруору, арбаччы (көстүүлээх)
Нууччалыы Стоймя, торчком (неровно расположиться)
Кытай Бахсылааны уус Аҕыс анньыыны Адаарыччы аспыт курдук Дьэбин күөх тиҥсири хара тиистэрэ Дьэбидийэн атыгыр гына түстүлэр.
П. ОйуунускайБалачча тэйиччинэн Салбаныкы Сүөдэр диэн оҕонньор, тууну адаарыччы сүгэн, ааһан иһэр эбит. М. Доҕордуурап Аттары холбонон иһэр икки булчут ыт, эһэ суолун сытырҕалаат, арҕастарын түүтүн адаарыччы туруоран, ыйылаһыы бөҕө буола түстүлэр В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (3)
Тэҥэ суох бөдөҥ буочарынан (суруй). Θ Крупными буквами, неровно (писать). Биир сарсыарда оҕонньор сиэнигэр кумааҕы туттарда - ойуулаах мыыла суутун кэтэҕэр адаарыччы суруйбут. Н. Габышев Ааныс суруга эбит. Бэрт улахан буукубаларынан адаарыччы тардан испит. А. Сыромятникова Надежда Алексеевна -- ахсаан анныгар түөрт сыананы адаарыччы суруйан кэбистэ. Софр Данилов