Перевод с якутского
адаҕа
аат тыл
Нууччалыы деревянные колодки, надеваемые на ноги лошади
English load
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Сылгы атаҕар кэтэрдиллэр модьу боҕуу мас
Нууччалыы Деревянные колодки, надеваемые на ноги лошади
Иччитэ адаҕа кэтэрдэн баран, көнтөһүн төлө тардан кэбиспитигэр күнү быһа көхсүн ыҥыырга баттаппыт, сылаарҕаабыт ат барахсан өтөх тэлгэһэтигэр күөлэһийбэхтээн ылла. С. Никифоров Адаҕа мууһуран, холлоох хоппот буолла. Онон оттоох сири булан аһаамына, муус хоруур сайылыкка муҥу көрөн сылдьабын [диэн ат үҥсэр] М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Ыар буруйдаахтарга кэтэрдэр ыарахан мас боҕуу; хандалы
Нууччалыы Колодки (арестантские); кандалы
Күн Чөмчүүк ампаар кэнниттэн ыстанан кэлэн, аан олуурун аһа охсор. Киирэн Айаал кэлгиэтин быһаҕынан быһыта баттыыр, адаҕатын устар.
Суорун ОмоллоонБылырыын баччаҕа “Алтан кинээһэ Түүнүкү Көстөкүүн ынаҕын уоран сиэтиҥ” диэн илиибэр-атахпар отуттуу муунталаах адаҕаны кэтэрдэн, таһыйан, алта сүөһүнү тутан ылан, ыал аатыттан аһардылар. Эрилик Эристиин Адаҕа тимиртэн, сатара кымньыыттан Таҥнары көрбөтөх [Манчаары] Амма Аччыгыйа
3 аат тыл #
Кимиэхэ, туохха эрэ мэһэй, ыарахан таһаҕас буолар предмет
Нууччалыы Предмет, мешающий передвижению, являющийся якорем, тяжестью
Булчут итиччэ ылларбыт уонна ыарахан адаҕаны соспут бөрө ыраатыа суоҕа дии санаан суолун батыспыт. ДьДьДь. Сергей ыарахан адаҕатын атаҕыттан туура тэбэн, элитэн кэбиһэр. В. Гаврильева Хаары кутан чиҥэттэххинэ, хапкааныҥ адаҕата сиргэ эпсэри тоҥор буолан, кырса кыайан хоҥнорон илдьибэт. “ Кыым
4 аат тыл #
тут. Баҕана түһэр үктэл маһа
Нууччалыы Деревянное основание, на которое опирается несущий столб, подпора
Хотон баҕаналарын 2,2 м дириҥ гына хаһан адаҕа үрдүгэр түһэриллэр СГК ТҮЧ
5 аат тыл #
Ыар баттык, улахан мэһэй, харгыс (үксүгэр сайдыыны бохсор социальнай күүстэр; киһи сайдарыгар, көннөрү барарыгар-кэлэригэр мэһэй-таһай буолуу)
Нууччалыы Бремя, тяжесть; обуза, помеха (обычно о гнете или какой-л. помехе, служащей обузой в движении)
Күн сирин элбэх норуоттара Көҥүл диэки эргиллэн, Баттал адаҕатын быраҕан Босхолонон эрэллэр. И. Чаҕылҕан Ынахтарын да ылбатахха, син биир нэһилиэк адаҕата буолар дьон. М. Доҕордуурап [Эбэлэрэ - сиэннэригэр:] Эһигини кытары барсар кыах суох, бостуой эһиэхэ адаҕа буолуом.
А. Кривошапкин
Өссө холобурдар (1)
Сэрииттэн үөскээбит кыһалҕа Өр кэмҥэ адаҕа буолбута. В. Правосуд (тылб.)
6 этии #
Нууччалыы Лишний едок; дармоед, нахлебник; иждивенец
Айах адаҕата (буоһах бохсуута) - тугу да гыммакка босхо иитиллээччи; иитимньи Сиртэн-сиргэ үүрүллэн-үтүрүллэн, сыҕарыйан-куотан биэрэр дьоҥҥо иринньэх айах адаҕалара боҕуу эрэ буолаллара. Далан Мин, эн эбитим буоллар, олоруом этэ. Эрдээххин дии, ииттин-аһаттын... Кэбис! Кэргэммэр айах адаҕата буолуо суохпун. М. Доҕордуурап Быччаччы көрөн түһэн, бу уол туһалыа дуо, хайа айах адаҕата эрэ буолаарай. ХС
Өссө холобурдар (7)
Адаҕатын кэппитинэн төрөөбүт фольк. - абааһы, адьарай биистэрин хоһуйан этэр кубулуйбат эпитет (үксүгэр дьахтар аймахха сыһыаннаах). Θ Постоянный эпитет, живописующий злых духов, дьяволов, обитателей нижнего мира (букв.: родившийся с колодками на ногах - преимущественно особей женского пола, усиливая их безобразный и грубый вид). Адаҕатын кэппитинэн төрөөбүт Аан-Дьараһы аймаҕын ийэтэ буолбут Адаҕалаах Ала Буурай, Аан Дьааһын диэн Ааттаах дьахтар хотуннаахтар эбит...
П. ОйуунускайАрбаҕастаах адьарай, адаҕатын кэппитинэн төрөөбүт абааһы кыыһа, уоту умата тарт, - диэтэ Кууһума. Н. Павлов Атаххар-адаҕа (баскар - бакаайы, көхсүгэр - сүгэһэр, кэтэххэр - чэҥкээйи) - киһини хамнаппат бохсор курдук, улахан мэһэй, таһаҕас, боҕуу (үксүгэр көсп. суолт. тут-лар.). Θ Тяжелое бремя, обуза, помеха. [Дьэбдьиэ:] Номнуо көхсүгэр сүгэһэр, атаххар адаҕа буоллум дуо? ХС Арай мин дэҥҥэ, сырыыга-айаҥҥа атах адаҕата буолаҕын диэн [Янаны] киҥир-хаҥыр саҥарар быһыылааҕым. ХС Адаҕа саҕа (курдук) - туох эмэ атыттартан ураты улаханын сөҕөр, хоһуйар тэҥнэбил. Θ Типичное сравнение для выделения особой величины из среды однородных предметов. Адаҕа саҕа собо саһарчы ыһаарыланан кэллэ.
П. ОйуунускайМэхээлэ дьиэтин тэриэбэтэ, үлэлиир сэбэ-сэбиргэлэ барыта чэпчэки, дьоҕус, оонньуур курдук, Киргиэлэй киэнэ барыта томороон, толоос, адаҕа курдук. Амма Аччыгыйа Атахпар адаҕа саҕа, аакка киирбит ыарахан бачыыҥкалаахпын, сотобор субуйдар бараммат уһун обмоткалаахпын. Ф. Софронов