Перевод с якутского
адьаһын
көр адьас (ардыгар күүһүрдэр дэгэт суолт. тут-лар). Бүгүҥҥү күммүн сиһилии суруйа иликпинэ адьаһын - ончу, букатын, ыыра! - утуйуом суоҕа. Софр. Данилов. Оҕобун ахтан адьаһын аҥаарым буолла. М. Доҕордуурап Биллибэти билиллиэ, Өйдөммөтү өйдөнүллүө, Бэл адьаһын кыаллыбаты Хайаатар да, Хайаатар да, Син биир кыаллар оҥоһуллуо! П. Тобуруокап