Перевод с якутского
адьырҕа
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы большой хищный зверь, хищник
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
1. аат. Ардай аһыылаах, кырыктаах улахан сиэмэх кыыл
Нууччалыы Большой хищный зверь, хищник
Мин билэбин: кыыл адьырҕата Күөнтэспэккэ бэриммэтин, Хара тыа түргэн атахтааҕа Сырата суох ситтэрбэтин. С. Данилов Бука, арҕах хастыбакка сылдьар сырҕан адьырҕата буолуо диэн сэрэйэбит Болот Боотур Адьырҕа кыыл. Адьырҕа эһэ. Адьырҕа балык
Өссө холобурдар (2)
Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабат (өс хоһ.). Адьырҕа балык обургу муҥха үрдүнэн түһэн, дириҥ далайга аҕыйахта көстөн хаалла. Доҕордоһуу т. Билэр инигит, эһэлэр Адьырҕа кыылга киирсэллэр: Тыҥырахтаахтар, тиистээхтэр, Олус сиэмэх идэлээхтэр. С. Данилов Биһиги норуокка сордоҥу олус сиэмэх, адьырҕа балык курдук өйдөбүл баар Багдарыын Сүлбэ
2 аат тыл #
Кырыктаах, өстөөх, хаанымсах биистэр, дьоннор (үксүгэр сэриитимсийэр, сэриини күөртүүр реакция туһунан)
Нууччалыы Крайне враждебные, кровожадные силы (обычно о реакционных силах, враждебных миру)
Адьырҕа омугу адьырҕаҕа Анньан биэрэн баран, Алдьархай таҕыстаҕына Аһаах мастан Астаан аһыыр Адьынаттаах эбит.
Өксөкүлээх ӨлөксөйМин бардым: Аан дойду хаанымсах адьырҕатын Ахсатан, арҕаҕын иһигэр Атаранан хараҕалыы анньыһа. С. Васильев Аска наар иҥсэлээҕиҥ Адьырҕа хааннанар, Айыы да бэйэлээҕи Аһынар уурайар. К. Кулиев (тылб.)
Өссө холобурдар (1)
Абааһы аймаҕыттан адьырҕа атамааннара мин буолабын, көстүбэт киэнэ күтүр күүстээхтэрэ мин буолабын. Ньургун Боотур. Арахсыахпыт суоҕа - диирбит дии! Ону баара адьырҕа өстөөхтөрө Араардахтара абаккатыан! Эллэй. Коля бүгүн аан бастаан адьырҕа дьон ортотугар тыл этиэхтээх Эрилик Эристиин
3 даҕааһын #
Сиэмэх, ардай аһыылаах (харамай, кыыл)
Нууччалыы Хищный, кровожадный
4 аат тыл #
Кырыктаах, өстөөх; хаанымсах; сэриинэн ииригирбит
Нууччалыы Хищный; кровожадный; крайне враждебный (о людях воинственной реакции)