ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алаадьы

аат тыл

Нууччалыы оладья.

English oladyi, pancake

1 аат тыл #

Бурдугунан астанар, хобордооххо арыыга ыһаарыллар төгүрүк ас (сахаларга киэҥник тэнийбит ас)

Нууччалыы Оладья. Алаадьы арыылааҕа үчүгэй, үлэ көхтөөҕө ордук (өс хоһ.). Остуолга, саха ыалын киэһээҥҥи аһылыгын сиэринэн, соркуойдаммыт эт, арыылаах алаадьы тэриэлкэҕэ өрөһөлүү ууруллубут. Софр. Данилов. Биирдиилээн даҕаны ыалларга Кыайыы-хотуу, хомуур үлэтэ туолан, Кыдама сууйуута буолан, Алаас, үрэх ыалын аайы Алаадьы сыта аҥкылыйда. С. Васильев

2 этии #

Нууччалыы Небольшой и круглый (обычно об аласах, озерах, полянах)

  • Алаадьы төгүрүк - дьоҕус уонна төп-төгүрүк (алаас, күөл хонуу эҥин туһунан) Дьогдьоот анныгар, алаадьы төгүрүк күөллээх, от үрэх эҥээригэр уһун синньигэс сыһыы -- күөҕүнэн күөгэйэн эрэр эбит.
    Л. Попов
  • Тыалар алаадьы төгүрүк алаастары, толооннору киэҥ-куоҥ уораҕайдарыгар кистээн, утум-ситим салҕанан бардар-бара тураллар.
    П. Аввакумов
  • Арыынан аллар алардаах, Алаадьы төгүрүк хонуулаах -- Алааспытыгар Арыылаахха Атаарыллар ыһыахха, Атасчааным, барыахха. П. Дмитриев

«А» буукуба