Перевод с якутского
алар
аат тыл
Нууччалыы лесок на открытом месте, роща
English woods, grove
1 аат тыл #
Арыы тыа; сыһыыга үүммүт бөлөх мас
Нууччалыы Лесок на открытом месте, роща
Никсиктээх аппалар, кистэлэҥнээх алардар, иччитэх маардар кэннибэр хаалыталаабыттара. Софр. Данилов. Бээбэкээн хас да алардары ааһан, өрүс эниэтигэр өҥөс гына түстэ. М. Попов Сир ийэм - мин ийэм, Нуктаабыт сиккиэрим уһуктан, Сыһыыны, алары кэрийдэ, Отууну курдаттыы илгийдэ Р. Баҕатаайыскай
2 аат тыл #
Өрүс хочотугар үүммүт, быста-быста салҕанан барар сэндэлэс ойуур (үксүгэр бэс чагда, хатыҥ чараҥ)
Нууччалыы Редкий лес в долине реки (обычно березовый, сосновый, чаще всего молодой)
Киэҥ аларга - күөрэгэйдэр, Кэтэх тыаҕа - кэҕэлэр Кукууктууллар, күөрэйэллэр, Күнү туойан эрэллэр. XC Туората көстүбэт киэҥ кэрэ алартан Туйаарар чыычааҕым күөрэйэ көрүлүүр. И. Эртюков Күөх мыраан күлүгэ аларга түһүүтэ Өлүөнэ чэлгийэр биэрэгэр, Холкуостаах хочоҕо, бу дьоллоох дойдуга Өрүүтүн биир ырыа дьиэрэйэр С. Данилов
3 аат тыл #
, эргэр. Оҕус сыарҕатын ураҕаһа
Нууччалыы Оглобли бычьих саней
Оҕус сыарҕа аларын тосту көтөн кэбистэ АаНА СТОТ