Перевод с якутского
алтыс
ахсаан, даҕааһын, туохтуур, аат тыл
Нууччалыы сходиться, приближаться друг к другу
English sixth
1 туохтуур #
Чугасаһан, хаххалаһан ыл (халлаан эттиктэрин туһунан)
Нууччалыы Сходиться, приближаться друг к другу (о небесных телах)
Оннооҕор ый-күн алтыһар (өс ном.). Халлаан үрдүк мындаатыгар Ыйдаах Чолбон алтыһаллар. Кустук. Ый үргэли үрдүнэн алтыстаҕына, кинилэр [оҕонньоттор] билгэлээһиннэринэн, кураан сайын үүнүөхтээх; оттон аннынан алтыстаҕына, өҥ сайын кэлэрэ күүтүллэр. “Кыым”. Халлааҥа Сулустар алтыһаллар, Сиргэ Сүрэхтэр таптаһаллар В. Миронов
2 туохтуур #
Быстах кэмҥэ көрсүһэн бодоруһан ыл; көрсүһэн хардары-таары аалсан, сабыдыаллаһан атылыы, маарыннаһар буол
Нууччалыы Иметь кратковременное общение с кем-чем-л.: сходиться, притираться и взаимно влиять друг на друга
Казах уонна саха үгүс суруйааччыларын олохторун уонна айар үлэлэрин суоллара алтыһаллар. Умнуллубат к. Саллар сааһын тухары Муустаах байҕал, Элиэнэ курдук эбэлэр модун бэйэлэрин кытары алтыһар тыйыс олох кими баҕарар дьэбирситэр.
Н. ЛугиновКини [Ларионов] эдэр сааһа үгүс романтикалаах, героикалаах отутус сыллары кытта алтыспыта ССС
3 аат тыл #
алта диэнтэн кэрискэ ахс. аат
Нууччалыы Шестой. Унарова алтыс уруокка киирэр звонок буолбутун кэннэ кылааска баран иһэн көрүдүөргэ Хастаеваны көрсө түстэ. Софр. Данилов. Кылаабынай агроном бу сопхуоска үлэлээбитэ алтыс сыла, онон, бэйэтэ саҥарбатар да, сахалыы кэпсэтиини истэр. П. Егоров. Саша быйыл алтыс кылааһы бүтэрбит, чороччу улаатан эрэр, хоодуот уолчаан. М. Доҕордуурап