ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алы

Нууччалыы сменить гнев на милость

алы буол - кыыһырыыны, кыһыйыыны, куһаҕан санааны аһаран сымнаан, амарахсыйан кэл (хол., көрдөһүүнү ылынан, алы гыныыттан)

Нууччалыы Сменить гнев на милость (вняв просьбе от деликатности, любезности)

  • Ааны сабан тахсаат, Атаһыгар сипсийдэ: Абааһыны алҕаатахха Алы буолар диэн баар.
    А. Бэрияк
  • Алы гын - албыннаһан, сымнаан эйэҕэһимсийэн ким эмэ санаатын түөкэйдээ, санаатын көнньүөрт (хол., санаата алдьаммыт, кыыһырбыт киһини эбэтэр холустук өһүргэтэрдии быһыыламмыты көннөрөөрү). Θ Смягчить, сглаживать (напр., свою резкость); деликатничать, уступать (чтобы не обидеть); говорить любезности, успокаивая (чтобы поднять дух, настроение кого-л.). “Оонньоон этэбин,” - диэн Охоноос алы гынан кэбистэ [өһүргэнэ сыспыт Сөдүөччүйэни].
    Амма Аччыгыйа
  • Медницкэй туох эмэ үтүөнү оҥорон, Захаренконы алы гынан, санаатын көннөрүөн баҕарбыта, оннук түбэлтэ көстөн биэрбэтэҕэ.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Солуута суох өһүргэппиппин дьэ өйдөөн, хайдах эрэ алы гынан, уоскутуохпун баҕардым. “
    ХС

«А» буукуба