Перевод с якутского
аман
даҕааһын
Нууччалыы сопровождаемый благословением, желающий счастья и удачу
1 даҕааһын #
, үрд., поэт. Алгыс аргыстаах, дьолу-соргуну баҕарар
Нууччалыы Сопровождаемый благословением, желающий счастья и удачу
Айыы Нуоралдьын эмээхсин Аман тамалыйа, Айыыһыт тардан, Тиэрэ кэдэрийэ-кэдэрийэ, Күлэн чачыгыраан барда. П. Ядрихинскай Үөрэр күммэр, күрүө чааспар Өрүү сырыт мин таспар - Кыталыктаах ырыа буолан, Аман тыллаах айыы буолан! [Ырыаһыт Анегина Ильина туһунан]. Л. Попов [Хобороос] аман айаҕын атан саҥарбат буолла А. Сыромятникова
2 этии #
Нууччалыы Искреннее, задушевное слово, имеющее глубокий смысл и назидательный характер
Аман өс үрд. - дириҥ ис хоһоонноох, кэскили түстүүр уонна үөрэтэр-такайар иһирэх тыл Хараҥаҕа дөрүн-дөрүн Бүтүн бэйэм уу чуумпу Үйэлэр аман өстөрүн Арыт истэр курдукпун. С. Тарасов Аман өс: атаһыҥ иннигэр Атах да эчэйэр, - диэн этэр. Айталын. Ыалдьыттаан ааһыаҕым хас ытык Киһиэхэ сахалыы сиэринэн, Сүөгэйдээх чэй иһэ наҕыллык Кэпсэтиэм мин аман өспүнэн. И. Гоголев