Перевод с якутского
амаҕаччы
аат тыл
Нууччалыы ремешок, заменяющий удила, импровизированная узда
1 аат тыл #
Аты салайарга талаҕынан, быанан үүн курдук баайыы (дьиҥнээх үүн суоҕар үүнү быстах солбуйуу)
Нууччалыы Ремешок, заменяющий удила, импровизированная узда
Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр обургу атын амаҕаччытыттан салайа тарта. П. Ядрихинскай Хаҥха ыҥыырдаах, хатырык сөрүөлээх, амаҕаччы үүннээх, сутука тэһииннээх миҥэ биэ турарын көрдө. ПЭК ОНЛЯ I Акка үүнүн таһынан кэҥэриититтэн тартаран бааллыбыт быа (баһын кыайтарбат акка). Θ Ремень, проведенный поверх узды через ноздри лошади (закусывающей удила)
2 аат тыл #
Албынныыр, албастыыр ньыма; албыннаан-түөкэйдээн үктэтии
Нууччалыы Хитрый, ловкий способ; хитрость, обман. [Сүрэҕим] Кырдьык суолуттан кыратык Арай туоруу түс эн Албын-көлдьүн амаҕаччытын Аахсан, киниэхэ эрэнэн, Оччоҕо, доҕоор, эйигин Түөспүттэн хостоон ылыам
Бултуурга ханнык амаҕаччылары туттары барытын ымпыктаан-чымпыктаан сиһилии кэпсээн тахсыбыта В. Протодьяконов