ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

амньыраа

туохтуур

Нууччалыы быть, стать болезненным, дряблым

1 туохтуур #

Кэхтэн, кырдьан, ыалдьан чэбдик көрүҥҥүн сүтэр (үксүгэр аат туохтуур ф-тыгар быһаарыы курдук тут-лар)

Нууччалыы Быть, стать болезненным, дряблым (от старости, болезни - обычно употр. в ф. причастия-определения.)

  • Одон оҕонньор үөлээннээҕин амньыраабыт, туораттан киһи аһыныах бүттүүн чарчыстыбыт дьүһүнүн көрөн уйадыйан ылла.
    Н. Лугинов
  • Ньалҕаарыччы бириэйдэммит, амньыраабыт тириилээх сирэйдээх, энньэйбит уостаах, ииммит-хаппыт полковник Любканы кытта кэккэлэһэ олорон иһэр.
    А. Фадеев
  • Охоноон кинини [Дуомунаны] чинчийэ көрбөхөлөөтө: муостан кыһыллыбыт курдук сирэйдээҕэ амньыраабыт
    Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Олох араас моһоллоруттан күүс-уох, доруобуйа өттүнэн мөлтөө. Θ Ослабевать от невзгод, трудностей жизни. Бар дьон олоҕо-дьаһаҕа амньыраата [сэрии ыарыттан, кураантан]. Кыра дьон барахсаттар хоргуйан, дьаарыйан эрэллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Алта-сэттэ сыл наар сэрии усулуобуйатыгар сылдьан кини чэгиэн доруобуйата амньыраабыта.
    П. Филиппов
  • Алдьархайга амньыраабатах Айыы оҕото буола түстэ, Охсуһууга бохтооботох Орто дойду оҕото буола түстэ
    П. Ядрихинскай

2 туохтуур #

Ыар санааҕа ыллар, саймаар

Нууччалыы Быть грустным, печальным, быть в подавленном настроении

  • Аналлаах дьоллорун Алҕас түһэн, Атырдьах маһыныы Антах муммут Аймах хаан аҕастарым Амньыраабыт санааларын Аралдьытар буоларыҥ.
    С. Васильев
  • Чаҕылхай күн, чэгиэн салгын үөрдүөхтээҕэр, төттөрүтүн, амньыраабыт, айгыраабыт санааны ордук тоһоҕолоон чорботорго дылы
    Н. Лугинов

«А» буукуба