Перевод с якутского
анал
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы предназначение для какой-л. большой, грандиозной цели
English purpose
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Ханнык эрэ сүдү суолталаах дьыалаҕа анабыллаах буолуу
Нууччалыы Предназначение для какой-л. большой, грандиозной цели
Историяны айыы аҥаардас “уһулуччулаах” эрэ омуктар аналлара буолбатах.
Суорун ОмоллоонЭр киһиэхэ аҕа буолар анал баар эбит туохтааҕар да үрдүк анал. И. Гоголев Эйэ, дьол - биһиги аналбыт, Эрчимнээх айар үлэ - биһи хайҕалбыт А. Бэрияк
Өссө холобурдар (3)
Кыргыттар бары анал үлэлээхтэр, онон ким да ыанньыксытынан үлэлииргэ тылламмата. А. Федоров Ким барыта тус-туспа анал үлэлээх. И. Бочкарев Алтан, көмүс дыбарыаскар Абыраллаах күндү малбын, Айылгылаах анал тааспын, Аһатыах-сиэтиэх буолаҥҥын, Албаҕалаан ылбытыҥ Эллэй
2 аат тыл #
Чопчу аадырыстаан анааһын
Нууччалыы Точно адресованное назначение
Ыытыллыбыт табаар аҥаара эрэ аналынан барбытын, уоннааҕыта сураҕа суох сүппүтүн [боломуочунай] бэлиэтээтэ. Болот Боотур Урукку өттүгэр оройуоҥҥа олорор дьиэҕэ анаан тутуллубут объектары аналынан туһаммат быһыы баара. “ Кыым Өлүөскэ тахсан, аҕабыыт бэйэтин анал сэргэтигэр баайыллан турар ураанньыктаах тураҕас аты сүөрэн ылла. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Оҕолору анал үөрэҕэ суох атын учуутал үөрэтэрэ туһата суоҕа биллэр
Н. Лугинов
3 аат тыл #
Дьылҕа, оҥоруу
Нууччалыы Судьба, участь, доля
Киһиэхэ анал диэн баар быһыылаах. Мин эйигин көрсөөт да, өрө эргийэ түспүтүм. Н. Босиков Ити хаарыан доҕотторбутун да өлөртөөн, эһиги, баайдар син биир өрүһүнүөххүт суоҕа, өлөр-сүтэр аналгытыттан куотуоххут суоҕа! С. Ефремов Суруйааччы буолуу хайаатар да - анал. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. ыйаах, кэскил
4 аат тыл #
Ким эмэ туһааннаах өлүүтэ, чааһа; ким эмэ нэһилиэстибэтэ
Нууччалыы Чья-л. определенная доля; часть наследства; чье-л. наследство
Эллэй түптэтигэр баран, ыаммыт-бааллыбыт сүөһү олорчу Эллэй баайа, анала буолан иһэр. Саха фольк Ити иннигэр, ойоҕуҥ аналын биэртиҥ таһынан, бэйэҥ дьүүллэниэх тустааххын. Сокуон этиитэ оннук. А. Софронов Өндөрүүс өс киирбэх аҕыйах аналын хап-сабар хомунан көһөн көкөрүйдэ А. Сыромятникова
5 даҕааһын #
Туһааннаах, сирэй бэриллибит
Нууччалыы Определенный, назначенный
6 даҕааһын #
Уһулуччу уонна чопчу туохха эмэ туһааннаах
Нууччалыы Специальный, специально предназначенный
7 этии #
Нууччалыы Имя собственное
Анал аат - предмет тус бэйэтин аата (киһи, сир-дойду, тэрилтэ, сүөһү аата) Анал ааты төһө да туттубатаҕын иһин, поэт [Кулаковскай А. Е. ] бэйэтин дьоруойдарын араастаан эргитэн-урбатан, уустаан-ураннаан ааттыыра киһини сөхтөрөр. ФЕВ УТУ. Маннык кристаллар анал ааттаах буолаллар. И. Данилов Зоотехник буолан, мин анал ааттаах буолар этим. С. Ефремов Анал орто үөрэх - ханнык эрэ идэни биэрэр орто үөрэх. Θ Специальное среднее образование. Булгунньахтаах орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбит оҕолор сорохторо анал орто үөрэх кыһаларыгар салгыы үөрэнэ бараллар. “Кыым”. Анал таҥас - чопчу туохха эмэ анаан туттуллар таҥас. Θ Спецодежда. Хонтуораҕа анал таҥас түҥэтэллэр