Перевод с якутского
анды
аат тыл
Нууччалыы турпан.
English velvet scoter
1 аат тыл #
Хара дьүһүннээх, умсаахтааҕар быдан улахан, тумсугар хохуоралаах, кыһыл атахтаах үөл кус бииһэ
Нууччалыы Турпан. Көтөр кынаттааҕы андыттан саҕалаан баран, ээбиллэни умнар сатаммат этэ. Н. Заболоцкай. Онно ийэ анды кынатынан сапсына-сапсына боотурҕаан эрэрдии: "Так-так-так!" - дии-дии, тула холоруктуур. Н. Якутскай. Анды этэ - күндү ас, кэһии-тутуу буолар. Багдарыын Сүлбэ
2 этии #
Анды балык түөлбэ - туут уонна уомул булкаастарыттан үөскээбит, сэдэхтик көстөр өрүс балыга: тууччахха маарынныыр, киһи саҕа усталаах, тумса анды кус тумсугар майгынныыр Балыгы быһыы - тутуу хоһуйан ааттааһын түбэлтэлэрэ биһиэхэ бааллар. Холобур, анды балык, баҕа балык, быа балык, сыа балык, тимэх балык, тойон балык. Багдарыын Сүлбэ. Ср. др. -тюрк. аҥыт ‘красная утка’
Нууччалыы Редкая речная рыба, помесь нельмы и омуля: похожа на нельму, длиной в человеческий рост, имеет нос, напоминающий нос турпана