Перевод с якутского
анньын
туохтуур
Нууччалыы отталкиваться от чего-л.
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
ан эрэ эмискэ тэйэр, ыраатар гына туохха эмэ тирэҕирэн сыҕарый, халбарый (үксүн эрдии, тайах мас, ураҕас көмөтүнэн)
Нууччалыы Отталкиваться от чего-л. (чаще всего с помощью весел, лыжных палок, шеста)
Дуня тыытыгар туран эрэн эрдиинэн анньынна. А. Федоров Бүөккэ тыытыгар олорон дьара уулаах кумах арыы диэки анньынар. Н. Якутскай [Разведчик] маарыын көрбүт хайыһарын булан мииннэ да, үрэх хоту сиһигэр өрө анньынан таҕыста. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
[Кыыс] хайа чыпчаалыгар тиийэн тохтуур, оҥостор. Онтон били хатыҥынан тарыырданан таҥнары анньынар. Эвен фольк
2 туохтуур #
Бэйэ тугун эмэтин туох эрэ уһуктааҕынан кэйин
Нууччалыы Протыкать, прокалывать себя колющим оружием
Миитэрэй атаҕын атырдьаҕынан анньыммыт. Чэ, тоойуом, сыгынньахтаныма, аны сүөһүлэргин уулатан көр, сэрэнээр, аны анньыынан атаххын анньынаайаҕын Пьесалар-1978
3 туохтуур #
Тугу эмэни баттахха кыбыт, иҥиннэр
Нууччалыы Прикалывать, прицеплять что-л. к волосам
Эмээхсин баттаҕын көннөрүнэн тостубут кырыбыайкатын анньынна. Н. Габышев Маайыстаан, бэскитин хомунан, Намчытык тарааҕын анньынна. Күннүк Уурастыырап Тус хоту үөскээбит буоламмын, Ыас хара баттахтаах эбиппин, Хара тыам лабаатын ыламмын, Төбөбөр анньыммыт эбиппин Л. Попов
4 туохтуур #
Тугу эрэ туоххар эмэ угун, кыбыт
Нууччалыы Засовывать, затыкать что-л. за что-л
Бурхалей кэтит биилээх тэрээк сүгэтин куругар анньынан, саатын аҥаар илиитигэр тутан арҕах диэки хааман истэ. Эрилик Эристиин Чуор саатын иилиммит, сүгэтин куругар анньыммыт, уонна туох буолар эбит диэн күүтэн олорбут. Далан Биир тутум уктаах муос чохороонун куругар анньынан баран, үс бастаах Алаа Моҕус ыалын диэки чарапчыланан көрөн турда Саха фольк
Өссө холобурдар (3)
Тугу эмэ түөскэр иилин. Θ Навешивать (нацепить) что-л. на грудь. Олохтоох баайдар, бары нэһилиэктэргэ кинээстэр куортук, мэтээл анньынан баран, сир түҥэтигин туһунан кэпсэтии таһаартаабыт дьоннору көскө ыытарынан куттуу сылдьыбыттара. Эрилик Эристиин Көтөр аал “Совпич” диэн суруктаах, кыһыл сулустаах ойоҕоһо аһыллан кэллэ да, сонугар кыһыл таҥас баанчыгын үрдүнэн Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанын анньыммыт дьоруой Егоров оҕонньор ойон таҕыста. П. Филиппов Уордьан, мэтээл анньынар Марайбыт мардьа түөһүгэр, Манчаары от батастанар, Үкэр от үҥүүлэнэр С. Данилов
5 туохтуур #
а эмэ (хол., куһу тартараары мончуукта) олорт, ыыт
Нууччалыы Ставить, расставлять что-л. (напр., манки, чучела во время охоты на уток)
Күнүс сир хорутан баран, алааһым саҕатыгар уу тахсыбытыгар, мончуук анньынан, дурда оҥостон, ол түүн куска хоммутум.
Суорун ОмоллоонМончууктарын анньынан, оту күөгэччи тэлгэтэн, ол-бу эргэ таҥаска сууланан, хас да хоннулар В. Тарабукин
6 туохтуур #
Бэйэни тугунан эмэ аалын, сотун
Нууччалыы Натирать, растирать себя чем-л. [Дьээдьэ Ипат] ууну чалбааттаабыта, уп-уһун бытыгын мыылаламмыта, моонньун күүскэ анньыммыта
АС НИСК
7 туохтуур #
Атах таҥаһын кэт
Нууччалыы Надевать обувь
Бадаайап мааныга кэтэр хара сукуна оноолоох сонун кэтэн кэбистэ. Үрүҥ сарыы этэрбэһин анньынна. Л. Попов Сэргээчээн күрүмэтин устан үөһэ кырааккаҕа уурда уонна кээнчэтин атаҕар анньынна. Болот Боотур Эмээхсин билэтигэр оҕуруо оһуордаах, хара таба тыһа унтуутун анньынна В. Иванов
Өссө холобурдар (3)
Туох эмэ таҥаһы кэт, таҥын. Θ Одеваться, натянуть на себя какую-л. одежду. Билигин хайдах буолуохпутун булбакка олоробут. Эстэн хаалан ити мин көстүүммүн анньынан олорор. Н. Заболоцкай [Уол аҕата] торбос ыстаанын анньынна, киэргэннэҕинэ кэтэр кулун сонун бүрүнэ оҕуста. Р. Кулаковскай Сиидэр Тэрэнтэйэбис кэнсэлээрийэҕэ кэтэр сиэрэй көстүүмүн, сиэх быһаҕас хараҥа күөх сорочканы анньынан кэбистэ П. Аввакумов
8 туохтуур #
Сатыы эбэтэр хайыһарынан ханна эмэ бар, айаҥҥа тур
Нууччалыы Отправляться пешком или на лыжах куда-л
Сарсыарда эрдэ туран Иһитчит оҕонньор Сабардамнарга анньынна. Болот Боотур Учуутал уонна оскуола бастыҥ хайыһардьыта Костя урукку быһа суолларынан сиһи курдаттаан, эмиэ хайыһарынан анньыннылар. Н. Габышев Наадатын барытын ситэн, Мөрүөн оҕонньор тахсан, Кииллидэй диэки сатыы анньынан кэбистэ. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Атастар! Амматтан Чурапчы Сибээһэ бэҕэһээ быһынна. Куотурус хамандыыр Сулҕаччы Иһиттэн Аммаҕа анньынна Эрилик Эристиин
9 туохтуур #
Симэн, киэргэн (айылҕа туһунан)
Нууччалыы Наряжаться, украшаться (о природе)
Сибиир ийэбит сиибиктэ күөх симэҕин ситэриннэ. Аан дойдубут Ача күөх отун анньынна. Саха нар. ыр. II. Хара тыа бочур солко симэҕин анньынар А. Федоров
10 этии #
Куорсун анньын көр куорсун
11 этии #
Нууччалыы Сильно, до красноты натереть свое тело
Дьукку анньын - тирииҥ соролонуор диэри эккин күүскэ аалын Давид Днестр өрүһү туораан кытылы булаат, бэркэ кичэйэн, кумаҕынан этин дьукку анньынан суунна. Н. Якутскай Биһиги үтүө көлөлөрбүт барахсаттар, көччүйэ таарыйа быа, аалык охсубут сирдэрин дьукку анньына хаарга аалына сыттылар. И. Заболоцкай Өрө анньын - 1) илиигинэн аллараттан үөһэ диэки сыҕайан көннөр (баттаххын, ачыкыгын). Θ Привести в порядок, поправить себе (волосы, очки) руками снизу вверх. Биирдэрэ куударалаах кугас баттаҕын өрө анньынна, биирдэрэ кыл курдук хоччорхой баттаҕын таҥнары имэриннэ. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (6)
Дьон ортотуттан Александр Сергеев туран кэллэ. Хара бэскитин өрө анньынна. М. Доҕордуурап Акимов учуутал уҥа илиитин тарбахтарынан баттаҕын сыҕайа өрө анньыммыта. Н. Якутскай 2) итииргээн аллараттан үөһэ диэки сыҕай (хол., бэргэһэҕин). Θ Слегка приподнять и откинуть со лба (напр., шапку). Бэргэһэтин өрө анньынан, сонун түөһүн арына тардынан баран, ол буруолары одуулаһа истэ. Амма Аччыгыйа [Кыаһай оҕонньор] лаҕыыр курдук кирээстээх, эргэ нэк истээх сүүһүн таҥаһын чэчэгэйин үрдүгэр өрө анньынаат, эмиэ аҥаар өттүнэн бүгүйбэхтээн барда. Эрилик Эристиин Бэргэһэтин өрө анньынна, иһиллээтэ. А. Сыромятникова Сэгэччи анньын - тугу эмэ иһиллээри аллараттан үөһэ диэки кыратык сыҕай (хол., бэргэһэҕин). Θ Чтобы хорошо прислушиваться к чему-л. слегка приподнять (напр., шапку). Егор Егорович уҥа ытыһынан бэргэһэтин сэгэччи анньыммытынан Аласов диэки хайыһа түстэ. Софр. Данилов