ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

анньыс

Нууччалыы толкаться, тесниться в очереди или у входа чего-л. с желанием войти

1 #

Уочаракка эбэтэр туохха эмэ киирээри үтүрүс, ыгыс

Нууччалыы Толкаться, тесниться в очереди или у входа чего-л. с желанием войти

  • ас II диэнтэн холб. туһ. Автобус кыайан туормастыы охсубакка, грузовигы кытта анньыспыт.
  • Уолаттар бүөрдэрин анньыстылар, сирэй-сирэйдэрин көрүстүлэр.
    Болот Боотур
  • [Буойуннар] Өстөөх көхсүн хараҕын Өргөһүнэн үөлсүбүттэрэ, Кыайыы кыһыл знамятын Кыыраччы анньыспыттара. С. Васильев
Өссө холобурдар (3)
  • Саллааттар, уоннуу киһи гына-гына, үүртэлээн киллэрээри астаспыттарыгар, буруйдаахтар ыгыта анньыһан быстыһан биэрбэттэр.
    Эрилик Эристиин
  • Үүйэ ыга анньыһан, уочараттаан туран, эһэтигэр Дьокуускайга кэлбитин, доруобайын уонна аадырыһын биллэрэн тэлэгирээмэ биэрдэ.
    Л. Попов
  • Регистрациялааһыҥҥа муҥха дьонунуу, кырыы-кырыыгынан анньыһаҕын
    Р. Баҕатаайыскай

2 этии #

Этиилэр

Айахха анньыс көр айахха ас

  • Адьырҕа кыыл курдук Арҕаска түһүстэ, Адаардаах тылынан Айахха анньыста.
    С. Васильев

Сирэй-харах анньыс көр сирэй-харах ас

  • Хата, ол оннугар кини, эр бэрдэ, уун-утары, сирэй-харах анньыһан кэпсэтиигэ бэйэтин түһэн биэрбэт. Н. Заболоцкай

«А» буукуба