Перевод с якутского
анньыы
аат, аат тыл
Нууччалыы пешня.
аат тыл
Ойбон алларарга, мууһу көйөргө аналлаах уһун укка олордуллар сытыы уһуктаах тимир
Нууччалыы Пешня. Сэттэ киһи биир анньыыны аҕала барбыттарыгар дылы (өс хоһ.). Бөдөҥ үөттэр улаҕаларыттан дьон саҥата, анньыы тыаһа иһиллэр эбит. Амма Аччыгыйа. [Чоку ойуун уолаттара] алларар анньыы ылбатахтар, дьиэлэригэр хаалбыт. Суорун Омоллоон. Таба үктэннэҕин, хаамтаҕын ахсын атаҕын тыаһа сытыы анньыы тыаһын курдук чып-чыбырҕас. Н. Тарабукин (тылб.). Ср. тюрк. санчхы ‘гарпун, острога’
ас II диэнтэн хай. аата. Онтон [оту] үсүһүн анньыытыгар атырдьаҕа туохтан эрэ иҥнэн хаалла. Н. Заболоцкай Хата, бу да сырыыга анньыы күүһүнэн эмиэ кэннинэн таҕыста. П. Егоров Өкүүчэ хаһан эмэ мааныга эрэ таҥнар сүүтүк-сүүтүк тэһитэ анньыы ойуулаах маҥан сиидэс ырбаахытын кэтэн кэллэ. С. Никифоров