ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

анысхан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы силный неутихающий, холодный ветер

1 аат тыл #

Тохтообокко күүскэ үрэр тымныы тыал

Нууччалыы Силный неутихающий, холодный ветер

  • Бу тоҕус үөстээх тоҥмот муора уораана буоллаҕа, аҕыс үөстээх Араат байҕал анысхана буоллаҕа, сэттэ үөстээх иҥэрэ далай сипсиэрэ буоллаҕа! ПЭК ОНЛЯ III. Дьулаакыр муус турууктартан дьулайбатах, Алдьархайдаах анысханнартан чачайбатах, Болгуо, боһомо буомнартан чаҕыйбатах Дьикти дьоннору Эн, космос, бэйэҥ үөскэппиккин!
    П. Тобуруокап

2 даҕааһын #

суолт. Киһи силиитигэр киирэр, курдаттыы охсор (күүстээх тыал, тымныы туһунан)

Нууччалыы Пронизывающий, пробирающий до мозга костей (о сильном ветре, морозе)

  • Сэтинньи силбиктээх күннэрин ахсынньы анысхан тымныытынан солбуйда.
    М. Доҕордуурап
  • Сэрии сылларыгар дьыбардаах сарсыардаларга, анысхан тымныыларга үөрэнэ оскуолабытыгар туорахтана сырсарбыт.
    В. Сыромятников
  • Айаммыт ахсымыран истэ. Мэктиэтигэр, алын өттүбүттэн анысхан аргыар аргыйарга дылы гынна, ойоҕос өттүбүттэн силлиэ-холорук ытылларга дылы буолла
    С. Федотов

«А» буукуба