Перевод с якутского
ардах
аат тыл
Нууччалыы дождь.
English rain
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Халлаантан сөҥүү буолан түһэр уу
Нууччалыы Дождь. Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи өрөөн-саараан туран ардах бөҕө түстэ. Суорун Омоллоон. Уһун ардах кэнниттэн сайыҥҥылыы сып-сылаас күннэр буоллулар. Софр. Данилов. Ардах ыаҕастаах уунан кута турара. М. Доҕордуурап. Тэҥн. самыыр
2 аат тыл #
Түүнүк
Нууччалыы Плесень. Бу от түгэҕэ ардах буолбут. // Үрүҥ ас үөһээҥҥи дьүдьэйбит өттө. Верхний нечистый отстой старых, (несвежих) молочных продуктов. Уһааттаах тар ардаҕынан саба бүрүллүбүт. Ср. др. -тюрк. артах, агдах ‘испорченная пища’
3 аат тыл #
түөлбэ. Тыаллаах хаар-сиир, буркун
Нууччалыы Непогода, метель, пурга
Биһиги дойдубутугар кыһын ардах кэнниттэн арыт хойуу туман түһээччи. “Ардах” диэн биһиги, халымалар, хаары ааттыыбыт А. Данилов
4 этии #
Нууччалыы Дождевик
Ардах соно - ууну өтүппэт, ардахха кэтиллэр уһун чараас сон Кини [Ганя] ол суһал соругун толоро охсоору тиэтэйэн, ардаҕын сонун ыҥыырыттан төлө тутан түһэрэ-түһэрэ, сиэллэрэн хохорута турбутун өйдүүбүн. ХС Ардах чиэрбэтэ - ардах кэмигэр сир үрүт араҥатыгар баар буолар, кытархай өҥнөөх үөн. Θ Дождевой червь. Почва үөскээһинигэр почваҕа олохсуйбут ардах чиэрбэтэ, араас харамайдар, үөн-көйүүр личинкалара кытталлар. САИ ССРС ФГ. Этиҥнээх ардах - этиҥ этиитинэн, чаҕылҕан чаҕылыйыытынан доҕуһуолланар күүстээх ардах. Θ Гроза. Сааһыары сайын этиҥнээх ардах түүнү быһа түспүтүн кэнниттэн, эн сарсыарда таһырдьа тахсаҕын. С. Васильев Этиҥнээх ардах миигин эккирэппит курдук саба сүүрэн тахсан ыаҕастаах уунан кутар курдук түстэ. Т. Сметанин