ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

артыыс

аат тыл

Нууччалыы тот, кто занимается публичным исполнением произведений искусства

1 аат тыл #

Искусство айымньыларын дьон-сэргэ ортотугар аһаҕастык оонньоон көрдөрүүнэн дьарыктанар киһи (актер, ырыаһыт, музыкант уо. д. а. туһунан)

Нууччалыы Тот, кто занимается публичным исполнением произведений искусства (об актере, певце, музыканте и т. п.)

  • ырбыт норуот артыыһа Киил оҕонньор уолаттарынаан батыспата баар дии!
    Н. Лугинов
  • Артыыска баҕас ситиһиигэ дьулуһуу уһулуччу күүстээх буолааччы
    ХС

2 аат тыл #

Тугу эмэни үрдүк маастарыстыбалаахтык толорор, оҥорор киһи

Нууччалыы Тот, кто обладает высоким мастерством в какой-л. области

  • Кини бэйэтин үлэтигэр артыыс

3 аат тыл #

сөбүлээб. Наһаа олуонатык, тосту туоратык туттар-хаптар, кубулунар сүөргү майгылаах киһи

Нууччалыы Человек, который ведет себя неприлично, с предосудительным поведением

  • Киһи иһигэр киирбэт тыллаах-өстөөх эмиэ биир артыыс кэлбит быһыылаах

«А» буукуба