ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

арылын

туохтуур

Нууччалыы открываться, раскрываться

1 туохтуур #

Аһылын (туох эмэ аанын, сабыытын, хаппаҕын уо. д. а. туһунан)

Нууччалыы Открываться, раскрываться (о двери, крыше, створке чего-л. и т. п.)

  • Онтон, муусука тыаһа дьүрүһүйэ түһэр уонна кыһыл баархат быыс аргыый арыллан барар.
    Суорун Омоллоон
  • Үүйэ кырыылаах көнө муннугар биллэр-биллибэт эбирдээх оҕолуу болтойбут уоһа сэгэччи арыллыбыт.
    Л. Попов
  • Ону кини бэркэ билэр буолан, наар биир страницаны аахпыта, кинигэтэ онон арыллара
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Туох эмэ урут биллибэтэх аһылын

Нууччалыы Стать раскрытым, обнаруженным (что-л. ранее неизвестное)

  • Ол [төттөрү Дьокуускайга] киирбитим Роман Оросин маҥнайгы саагыбара арыллыбыт эбит.
    П. Ойуунускай
  • Холкуос тэриллиэҕиттэн ыла сидьиҥ өстөөхтөр буортулуур оҥоһуулара барыта силиэстийэлэнэн арыллыбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Били олунньутааҕы сабыылаах хомсомуол мунньаҕын кистэлэҥэ дьэ арыллар
    Н. Габышев

3 туохтуур #

Силэллэн биэр

Нууччалыы Расступаться, расходиться в стороны

  • Эр дьон арылла охсон биэрдилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Массыына] “Мин кэллим”, - диэбиттии сигналлыырын кытта, үөмэхтэһэ сылдьар хойуу дьон оргууй арыллан биэрдилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Арыаллыыр сибиитэ бүтүннүү арыллан биэрдэ, генерал тиийэн, ыраахтааҕыга өр соҕус тугу эрэ кэпсээн эрэрин Ростов көрдө. Л. Толстой (тылб.)

«А» буукуба