Перевод с якутского
арыылаа
туохтуур
Нууччалыы окружить со всех сторон водой какой-л. участок земли
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Ханнык эрэ сири тула өттүн уунан төгүрүт
Нууччалыы Окружить со всех сторон водой какой-л. участок земли
Бөлүүн эмискэ кэлбит уу кэбиһиилээх оту арыылаабыт. Оттон санаан көрүҥ эрэ - Аммабыт саас кими арыылаабытын, кими хатыһан туран “хатаҕалаабытын” С. Федотов
2 туохтуур #
Тугу эмэ ситэри бүтэрбэккэ арыы курдук ордор (хол., от охсуутугар, бааһына хорутуутугар)
Нууччалыы Оставлять нетронутым, островком. (напр., при косьбе, пахоте)
Ходуһаҕа хаалларбыт хотуурбун ылан, икки гаттан ордук кэриҥэ сири арыылаан кэбистим. Ф. Софронов Саабыска түргэн, Уйбаан баран иһэрин арыылаан кэбистэ. Хотуура сыыбырҕаан, Кыыс Хотуҥҥа субу утары кэлэн истэ. А. Сыромятникова [Саха оҕонньотторо] Ол кыракый солооһуннарыгар, Оруу-түөрэ сатаан баран аккаастаан, Улахан хара төҥүргэстэри Тумнан, арыылаан ааһаллара С. Васильев
3 туохтуур #
Арыыны сыбаа (хол., килиэпкэ)
Нууччалыы Намазывать масло (напр., на хлеб)
Уол килиэби халыҥнык арыылаата. Үрдүгэр кыра-кыра арыылаан, Өлүү-өлүү уурталыыр. С. Васильев Кини [Мэкчэ] үҥүү угуттан тарбаҕым халтарыйыа диэн, арыылаамаары, кэргэнэ Мукуча быһан биэрбит этин ытыһын көхсүгэр уурдаран ылан сиирэ Далан
4 туохтуур #
Сүөгэйи иирдэн арыыта астаа
Нууччалыы Взбивать масло (из сметаны)
Ийэтэ эрэйдээх Эдэр ынаҕын этэттээн, Аҕам ынаҕын арыылаан Куоратчыт киһиэхэ кутунан Саҥа ырбаахылаан сарахачытта, Даба баккылаан тарахачытта.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБургунаһын сүөгэйин мунньан, Хобороос аан маҥнай арыы арыылаата И. Гоголев
5 туохтуур #
Кымыска, аһыйбыт үүккэ арыыта кут, ук
Нууччалыы Положить или наливать масло в кумыс, кислое молоко
Аҕыс тыһы кыталык курдук кыргыттар, Аҕыс сиэллээх кэриэн ымыйаны Араҕас арыынан Адаарыччы-будаарыччы арыылааҥҥыт, Айахта тутуҥ! Ньургун Боотур. [Аҕам дьахтар киһикэм] Үгүйүк чороон иһитин Ньолҕооруччу умунуохтаан, Тооромостуур арыылаан Тоһуйа тутан кэбиспит. С. Зверев Анды сымыытын курдук Аллыр-баллыр арыылаан, Кырылыы көөнньүбүт Кыдьымахтаах кымыһы [куттулар]
П. Ойуунускай