ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

арҕах

аат тыл

Нууччалыы берлога медведя

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сир анныгар эһэ кыстыыр уйата

Нууччалыы Берлога медведя

  • Эһэ уордаах да, арҕахха сытар (өс хоһ.). Арҕаҕын бүөтүн төлө анньан, эһэ ньылбы ыстанан таҕыстаҕына, ытан хабылыннарарга бэлэмнэнэ туттубутунан, уоскуйан хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин эһиэхэ, баҕарар буоллаххытына, ол эһэлэр арҕахтарын көрдөрүөм этэ
    Суорун Омоллоон

2 аат тыл #

Дьонтон-сэргэттэн күрэнэн, түҥ тыаҕа сири хаһан оҥоһуллубут балаҕан

Нууччалыы Землянка в глухом лесу, где люди скрываются от посторонних глаз

  • Мичил эһэтэ Доропуун биирдэ күрүөйэхтэр арҕахтарыгар түбэспиттээх.
  • Өлүөнэ өрүстэн үс күннүк арҕаа Үтүө сис баара, онно, Арҕах хастан баран, Ас бэлэмнэнэн көрүөм
    А. Софронов

3 аат тыл #

сөбүлээб. Кимнээх эмэ саһан-бүгэн олорор сирдэрэ (хол., бандьыыттар)

Нууччалыы Логово, логовище, где скрывается кто-то (напр., бандиты)

  • Бу сир бандьыыттар арҕахтара буола сылдьыбыт.
    В. Гаврильева
  • Тэҥн. ордуу

4 этии #

Өстөөх арҕаҕа - утары сэриилэһэр судаарыстыба бэйэтин сирэ эбэтэр киин куората Ити өстөөх арҕаҕын саамай хабайар-хаба ортотугар буолбут көрсүһүү этэ [Платоннаах Максим көрсүһүүлэрэ]. П. Филиппов

Нууччалыы Логово врага

«А» буукуба