ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

атах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы нога, ноги

English foot

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Тыынар тыыннаах үктэнэн хаамар, сыҕарыйар лабаата

Нууччалыы Нога, ноги

  • Харытыана хамначчыт эрэйдээх, үүт-үкчү бэски курдук биэтэҥнээн, атаҕа ибирдээн, уу баһан иһэр эбит.
    П. Ойуунускай
  • Онуоха ата соҕотохто ойон кээстэ... икки кэлин атаҕынан икки бороҥ куобах саҕа сири логлу тэбинэн, кутуруга сыыйыллан эрэ хаалла.
    Суорун Омоллоон
  • Кыыла аҥаар босхо атаҕынан киһини сиритэ-хайыта сынньар.
    М. Черосов
Өссө холобурдар (1)
  • Сэргэчээн күрүмэтин устан үөһэ кырааккаҕа уурда уонна кээнчэтин атаҕар анньынна
    Болот Боотур

2 аат тыл #

Дьиэ тэрилэ, тутуу уо. д. а. сиртэн өндөччү турарыгар аналлаах тирэх

Нууччалыы Ножка чего-л. (мебели, строения и т. п.)

  • Ити устатыгар мөлтөөтөр мөлтөөн иһэр уот сырдыга дьиэ эркиниттэн, сыҥаһаттан, остуол атаҕыттан хастанан оһох диэки сыҕаллан иһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Сеня] быаны аһаҕаска уган таҥнары субуйбахтаан ылан, төрдүс кириэс атаҕар баайда.
    Эрилик Эристиин
  • Төгүрүк остуол оһох иннигэр үс атаҕын туора кэбиспит, ол таһыгар торбос ыстааннаах үс кыра уол ыалдьыттары соһуйбуттуу көрөн тураллар
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Барбах дьон бастаатылар, Атах дьон ортулар, Кэтэххэ сылдьааччы Кэтэҕэриин кэллэ, Оһох төрдүгэр олохтоох Уот иннигэр көһүннэ
    Саха фольк

3 аат тыл #

Уу хонууга эбэтэр хонуу тыаҕа синньээн тахсар уһуга, муннуга

Нууччалыы Водное пространство, вдавшееся в сушу или суживающаяся часть равнины, поляны

  • Бэттэх, күөл атаҕын арҕаа баһыгар, оттоннор кэҥэс ходуһа баар.
    ХС
  • Тииттэр быыстарынан элэҥниир сырдык диэки туора хааман тахсыбыта, кинилэр ырааһыйаларын хотугу атаҕа эбит
    Амма Аччыгыйа

4 аат тыл #

Туох эмэ куһаҕан, туһаныллыбат өттө

Нууччалыы Плохая, негодная часть чего-л

  • Мас куһаҕан өттө, атаҕа эрэ хаалбыт

5 даҕааһын #

Мөлтөх, куһаҕан, улахан көдьүүһэ суох

Нууччалыы Неважный, плохой, не приносящий большой пользы

6 этии #

Нууччалыы Вырастить, вывести в люди, сделать самостоятельным кого-л

Этиилэр

Атах мээнэ - көр атах балай

Сүөдэр, байааттаҥныы-байааттаҥныы, бириискэ бөһүөлэгин уулуссатын устун, атах мээнэ сукуҥнаан иһэр. Н. Якутскай. Оннооҕор улахан дьон муннахтарына атах мээнэ хаамаллар, олороллорун, утуйалларын умналлар диэччилэр. С. Новиков. Уол муҥнаах атаҕастаммыт абатыттан хараҕын уутунан сууна-сууна, айыллан үөскээбит аар тайҕатын устун атах мээнэ барбыт. “ХС”. Атах синньигэстии түөлбэ - бэйэтин аннынан санаан, сэнээн.

Считая кого-л. ниже, хуже, недостойнее себя.

  • Тойоммут - бэдэрээтчит Кыбытыы Кынаачай - үс сүөһү үүрээччиттэн ала-чуо, атах синньигэстии, мин үрдүбэр түспүтэ.
    ХС
  • Тэҥн. күрүө намыһахтыы. Атах соболоҥо - 1) сорукка эбэтэр сырыыга сылдьыбыт эрэй төлөбүрэ. Вознаграждение за услугу в качестве рассыльного или за расходы какой-л. поездки. Атаххыт соболоҥун тугу иэстэһэҕит? СГФ СКТ. [Сэмэниискэ Сэмиэнэп:] Атаххыт соболоҥор арыыйдатын бэйэҕитигэр харанныгыт ини.
    ХС
Өссө холобурдар (14)
  • Аҕыйах ыалга кыыран атаҕын соболоҥун төлөтөн төннүбүтэ. "ХС"; 2) эргэр. кэргэн тахсар кыыс сыбаайбаҕа сылдьыбыт аймахтарыгар кэргэн ылар киһи эбэтэр кини төрөппүттэрэ биэрэр бэлэхтэрэ. Подарки, даваемые женихом или его родителями родственникам невесты, присутствующим на свадьбе; 3) эргэр. ыалдьыттаабыттарыгар махтанан, дьиэлээх киһи ыалдьыкка биэрэр бэлэҕэ. Подарок хозяина гостю в благодарность за посещение. Атах тардыс - сатыы барыахтаах сиргэр көлөнөн, техниканан айаннаан сырыыгын түргэтэт уонна чэпчэт (үксүгэр айан суолун сороҕун эбэтэр хам-түм). Расстояние, которое предстоит пройти пешком, преодолевать на каком-л. транспорте, давая ногам отдохнуть (обычно часть пути). “Билбэт буоллаҕа дии, атаҕын тардыстаары гынаахтаабыта буолуо, ыксаан иһэр киһи”, - диэтэ оҕонньор, билбэт буолан, дэҥнэтэ сыспыт киһини аһынар быһыынан.
    Амма Аччыгыйа
  • Икки табабын бу Хабырыллаҕа биэрэбин, айанныырыгар, атах тардыстыа.
    Болот Боотур
  • Түөрт уон арыыны сирэйдиир күннээх буоллахпытына, хоту дойду быһый атахтаах хараҥаччыларын - тамайа сиэлэр табаны атыылаһан атах тардыстыа этибит.
    Н. Босиков
  • Атах тириитэ баранна кэпс. - элбэхтик хааман, улаханнык эрэйдэннэ. Оставаться без ног; сильно уставать, доходить до полного изнеможения от продолжительной ходьбы (букв. не осталось кожи на ногах). Ынахтарын көрдөөн, атаҕын тириитэ баранна. Атах тэпсэн олорон - 1) тиэтэйбэккэ, дьоһуннаан, наҕылыччы, эйэлээхтик (кэпсэт). Спокойно, неторопливо, мирно (беседовать). Икки улуус кулубалара, атах тэпсэн олорон, бэрт үгүһү эргитэн сэһэргэһэллэр.
    Н. Якутскай
  • Арай били атах тэпсэн олорон күнү быһа кэпсэтэллэрэ уурайда.
    С. Новиков
  • Атах тэпсэн олорон былыргыны-хойуккуну ыатарыы диэн кэлиэ дуо, суох буоллаҕа дии. Далан; 2) тэҥҥэ, тэҥнээҕин курдук. Наравне, как равный. Үрэкиин үрдүк аатыгар, үтүө сураҕар кэтэх тардыһан олорон кэпсэтээри, атах тэпсэн олорон аахсаары, ох курдук оҥостон киирдим.
    Болот Боотур
  • Кини, кимиэхэ да биллэ-көстө илик көннөрү уолчаан, эдэр хоммуньуус, хайдах Ленин курдук улууттан улуу, сүдүттэн сүдү киһини кытта биир кэбиниэккэ атах тэпсэн олорон үлэлиэҕэй?
    ХС
  • Атах угус кэпс. - тэҥҥэ сүүр, иэл-тиэл буол. Соперничать в беге на равных. Ити [үс эргииргэ сүүрүү кэнниттэн тута] баттаһа барбыт ОПХ Кэнчээритигэр икки эргииргэ биир да ат атах уксубата. “Кыым”. Атахха биллэр - түргэнник куот, тэскилээ. Улепетывать, давать стрекача (букв. давать знать ноге). Кэбигирэй Миитэрэй ойоҕо саҥарарын истэ сатаан баран, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, таһырдьа тахсан барда, атахха биллэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыаллар оҕолоро Хобороос-Хабырыыһы ыраахтан көрөөт, атахха биллэрэллэр.
    И. Гоголев
  • Атыыр туртас куттал суоһаатар эрэ, ийэ туртаһы, тугуту быраҕан туран, ким-хайа иннинэ бэйэтэ атахха биллэрэр.
    И. Федосеев
  • Атаххар (сүһүөххэр) тур - 1) улаханнык, сыта ыалдьан баран үтүөр, өрүтүн. Поправиться, встать на ноги после долгой тяжелой болезни. Тойон киһи ылгын кыыһа Көмүс ый кэриҥэ ыарытыйан баран саҥардыы атаҕар турар буолла.
    И. Гоголев
  • Били знаменосецпыт ый кэриҥинэн үтүөрэн, атаҕар турбута. С. Никифоров; 2) бэйэҕин кыанар - иитинэр киһи буол. Приобрести самостоятельность, выйти в люди. Оҕолоро, дьэ, атахтарыгар тураннар, дьэ, саҥардыы кыанар-иитинэр буолан эрдэхтэринэ, хаһан да кыайан көппөт дьэбэрэтигэр умса тэпсиллээри сордонон эрдэҕэ.
    П. Ойуунускай
  • Биһиги, эрдэ тулаайах хааламмыт, бэрт эрэйинэн атахпытыгар турдубут. Р. Кулаковскай; 3) кыаҕыр, күүһүр. Окрепнуть, разбогатеть. Эрэнэбин, Азия атаҕар турдаҕына, эмэхсийбит капитал хоолдьуга үс бүк барыаҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Холкуостар атахтарыгар тураннар, үлэлэрэ баран истэҕинэ, холкуостар олохторо үчүгэйин, бытархай олорор олох куһаҕанын билэн-көрөн иһиэҥ. Күндэ; 4) өрө күүр, долгуй, күүскүн түмүн. Взбудоражиться, взволноваться, мобилизоваться. Ойуур баһаарын умуруораары нэһилиэк дьоно бары атахтарыгар турдулар. Атаххын да быктарыма (угума) - аны манна сылдьыма, чугаһаама. Прочь отсюда; больше не ходи сюда. Инньэ гымматаҕына [ньымааттаспатаҕына] нуучча уонна олохтоох атыыһыттар манна аны атаххын да быктарыма диэн кэбистэхтэринэ көҥүллэрэ буоллаҕа дии.
    С. Курилов

Атаххын да угума көр атаххын да быктарыма

Ол оҕолор аны бассабыык буолбуттара. Мантан ыла ойуун дьиэтигэр атахтарын да угуохтара суоҕа. Болот Боотур. Икки атах - киһи, дьон, киһи аймах.

Человек, род человеческий (букв. двуногий).

  • Сүөдэрдээх ыкса күһүн буолуор диэри икки атахтаахха көстүбэттэр.
    Н. Якутскай
  • Өлөксөй оҕонньор оҕуһун Күүстээх Уйбаан уол кыайбытын, икки атахха иҥиирдээх дьоннор баалларын сөҕөллөр-махтайаллар.
    И. Бочкарев
Өссө холобурдар (6)
  • Икки атаххынан куот - куот, куотан бар. Обратиться в бегство (букв. убегать двумя ногами). Кини [Хабыыча] Сэргэйи кытта бииргэ соҕуруу үлэлии барбыт эбит, ол гынан баран, “үлэ кытаанаҕыттан чугуйан икки атаҕынан куоппут”.
    П. Аввакумов
  • Түөрт атах буол - түөрт лабааҕынан сиргэ тайан. Встать на четвереньки. Бурхалей атын эргилиннэри тардан киһитин диэки хайыспыта, саллаат, саҥардыы төрөөбүт кулун чэрчилээри туран үнүөхтүүрүн курдук түөрт атах буолан, көрө-көрө сытан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Ийэ ис киирбэх Болоту төлө тутан кэбиспитэ, киһитэ, түөрт атах буолаат, бастыҥ орон анныгар сылыпыс гынан хаалла.
    Н. Заболоцкай
  • Ол да буоллар, Никешин биһиги бэрт сэрэҕинэн, үксүн сыыллан, арыт түөрт атах буолан аттаан эргэ шахтаҕа чугаһаабыппыт.
    Н. Якутскай
  • Тэппит атаҕын кубулуппат - бастаан хайдах сүүрбүтэй да, ол тэтимин сүтэрбэт. Бежать с начала до конца в одном темпе. Туолума төрдүттэн Мырылаҕа, үһүөйэх биэрэстэ сиргэ, Роман, үөрбүт-көппүт уол, тэппит атаҕын кубулуппакка тиийдэ.
    Ф. Софронов
  • Дуня, көлөһүнүн ырбаахытын сиэҕинэн туора садьыйа-садьыйа, тэппит атаҕын кубулуппакка истэ. КН ТДь.

Ыт атаҕын тут - көр ыт

Күөспүтүн өрүммүт икки күөлбүтүн муҥхалаан мэлийэн, бүгүҥҥү күҥҥэ, быһата ыт атаҕын туттубут диэххэ сөп. “Кыым”. Эт атаҕынан - сатыы, сатыы хааман.

Пешком, без помощи каких-л. средств передвижения.

  • Көлө диэн суох, көрбөтөхпүт да быданнаата, эт атаҕынан кэлиэх диэтэххэ ыраах сир. А. Сыромятникова

7 этии #

Нууччалыы Икры ног

Этиилэр

Атах орон - көр орон

Күөдэл-наадал таҥастаах ороҥҥо Маайака таҥаһы бүрүнэн сытар, атах ороҥҥо Макаар оҕонньор сытар, холумтаҥҥа чаанньык, сыбах оһох уоттаах. А. Софронов. Ыкса киэһэ атах ороҥҥо, эбэм оронугар, быраатым биһиги оонньуу олордохпутуна үстээх-түөртээх кыра уолчаан быыс тумсугар кэлэн киэҥ харахтарынан миигин одуулаһан мылаллан турда. Амма Аччыгыйа. Атах сыгынньах - атах таҥаһа суох.

Босой, босиком.

  • “Кэбиһиҥ доҕоттор!” - Тогойкин ойон турда. Атах сыгынньах эбит, өрө тэпсэҥэлии түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьиэҕэ биир да киһи суох, арай биир атаҕа дэлби хатырбыт атах сыгынньах куһаҕан таҥастаах уол олорор.
    Күндэ
Өссө холобурдар (10)
  • Сэмэнчик бу дэриэбинэ уулуссатын бэрт үчүгэйдик билэрэ, сайынын атах сыгынньах, кыһынын уллуҥа тэстибит хаатыҥканан мээрэйдээбит ахан сирэ.
    Н. Якутскай
  • Атах тааһа - киһи сототун уҥуоҕун алын баһа, бөлтөйөр сирэ. Лодыжка. Миитэрэй атаҕын тааһын эчэппит. Атах таҥаһа - киһи атаҕар кэтэр туга эмэ (хол., түүппүлэ, бачыыҥка, унтуу этэрбэс, саппыкы о. д. а.). Обувь. Атах таҥаһа ыга тутуо, аалыа суохтаах, кэппит кэннэ атах кыратык хамсыыр буолуохтаах. ТЕН ИДь. Атах тарт - ырааппатын диэн баһын быатын ат илин атаҕар кылгас гына баай. Привязывать недоуздок к ногам коня чтобы он далеко не ушел. Аттарыттан түһэн, атах тардан, ыыталаан кэбистилэр.
    М. Доҕордуурап
  • [Аты] арыт эмиэ саһыа, ыраатан эрэйдиэ диэн атах тардан эбэтэр адаҕалаан ыыталлар.
    ХС
  • Атах тэбис - 1) оҕо оонньуута: икки буолан утарыта турсан баран, уҥа-хаҥас атахтарын олбу-солбу иннин диэки быраҕаттаан, ис өттүлэринэн таҕайсаллар. Название детской игры: два участника, стоя друг против друга, попеременно выбрасывают вперед то правую, то левую ногу и внутренней стороной ноги касаются ног напарника. Туобуйа төһө да ырааҕын иһин, ыала-дьоно төһө да аҕыйаҕын иһин, кэм, үс-түөрт оҕо көрсө түстэллэр эрэ атах тэпсэн, кулун куллуруһан чохчоохойдуу-чохчоохойдуу эйээрэллэрэ олус да үчүгэй буолара.
    П. Ойуунускай
  • [Муҥхаһыттар] ирээри өрүтэ эккирииллэр, арыт чөмөхтөһө түһээт, атах тэпсэ оонньууллар.
    И. Гоголев
  • Муҥха тахсыар диэри килэҥ мууска хатыыскалыырбыт, маанытык таҥныбыт дьахталлар ыраас хаарга атах тэпсэ, илии охсуһа, дьиэрэҥкэйдии оонньууллара. “ХС”; 2) саха национальнай үҥкүүтүн хамсаныытын көрүҥэ. Элемент якутского национального танца. Маскарааттар иккилии буола-буола атах тэпсэн, онтон чохчоохойдоон уонна үҥкүүлээн тибийэн киирэн барбыттара.
    Д. Таас
  • Атах хаптаҕайа - атах сиргэ үктэнэр алын хаптаҕай өттө, уллуҥах. Стопа, подошва ног, плюсна. Түөрүллүбүт бөтүөн таас чубукулуун сууллуутугар атаҕым хаптаҕайын охсон чуут илдьэ бара сыста.
    Т. Сметанин
  • Атах эт - өлөрүллүбүт сүөһү биир миэстэтэ, бүтүн биир атаҕа. Одно место (одна нога - четвертая часть туши забитой скотины). Учуутал хоһугар атах эти сүгэнэн эттээн биллиргэтэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Бөтөс [ыт аата] ыйытыыта суох тугу да тыытыа суоҕа. Оннооҕор мэник-тэник, оҕо сылдьан чаампыга уурбут атах эппитин тыыппата.
    ХС
  • Ураты ытыктанар ыалдьыт кэллэҕинэ, саҥа атах эт алдьатыллар, күннэтэ аһаммат солун ас тардыллар.
    М. Черосов

Бөҕө атах - көр модьу атах

Мин маннааҕы ойуурга бөҕө атаҕы көрдүм.  Сэттэ тыылаах киһини Саанан өтөн өҥүргүүр, Бөҕө атах киһилии Күлэр, аҥыр мөҥүрүүр. С. Данилов. Бурдук атаҕа - бурдугу ыраастаатахха хаалар куһаҕана, тобоҕо.

Отходы, остатки после очистки зерна.

  • Күүтүүлээх дохуот дьэ түҥэтиллэр буолла. Элбэх үлэһиттээх дьон арыыны, эти, бурдук атаҕын ылаттаатылар.
    Н. Босиков
  • Холобур, күһүн бурдук быһылыннаҕына киһилэрэ хайыы-үйэ ыраах сытар бааһыналарга тиийэн бурдук атаҕын кууллаабыт буола охсор үһү. Үлэ үө. Тэҥн. мэкиинэ. Испиискэ атаҕа - испиискэ тоһоҕоһун сиэрэтэ суох өттө. Конец спичечной палочки, противоположный ее головке. Сиэбин туттан көрбүтэ испиискэтэ суох. Аҕыйах, икки-үс испиискэ атаҕа эрэ сылдьара, сотото суоҕа.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (4)
  • Модьу (бөҕө) атах - мэкчиргэтээҕэр быдан улахан мэкчиргэ бииһэ (үксүн куобаҕынан аһылыктанар). Филин. Били үнүр куттаабыт кыыла, куобах кыырда диэн ааттанар модьу атах, тотон, эмиэ күлэн-салан алларастаан баарта.
    Суорун Омоллоон
  • Ойуур иһигэр модьу атах күлэр, үөгүлүүр, ньааҕыныыр.
    Күндэ
  • Тэҥн. куобах кыырда. Сибэкки атаҕа - сибэкки силиһин уонна сэбирдэҕин икки ардынааҕы синньигэс умнас. Цветоножка. Сибэккилэр умнаска сибэкки атаҕа диэн ааттанааччы синньигэс умнасчаанынан хатаналлар. КВА Б. Сыарҕа атаҕа - хатыҥ мастан оҥоһуллубут сыҥаахха олордуллар, баттыгынан баттаныллар уонна ылахтарынан туттарыллар сыарҕа биир сүрүн чааһа. Полозья саней. Сыарҕа сыҥааҕа, атахтара, баттыга хатыҥ мастан оҥоһуллаллар. АНП ССХ
    Т. Тюрк
  • адак, азак, айак

«А» буукуба