Перевод с якутского
атыыр
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы жеребец.
English stallion
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Сылгы ууһатааччыта
Нууччалыы Жеребец. Тураҕас атыыр дэлэй хара сиэлин силэйэ кэҕийэн кэбиһэн баран, өрө хоноллон ахан турда эбээт! Амма Аччыгыйа. Эһэ часкыйыыта, атыыр саҥата сир-дойду уйулҕатын көтүппүттэрэ. Суорун Омоллоон. Оҕустар харсыһыылара эмиэ атыырдар охсуһууларын курдук киһи болҕомтотун тардар, хам-түм буолар көстүү. Далан
2 даҕааһын #
даҕ
Атыыр сибиинньэ. Атыыр хаас. Атыыр куртуйах. Атыыр тайах. Аҥаарыма атыыр кырынаас сибилигин аҕай куртуйаҕы соһон барбыт. Амма Аччыгыйа Сотору эмиэ орун-оннугар буолла - атыыр чөркөй чуруктаата, ырыых-ыраах куула кытахха көҕөн маатырҕаата. Далан
Өссө холобурдар (1)
Биир тыһы моонньоҕоҥҥо икки атыыр моонньоҕон утары устан кэлэллэр И. Бочкарев
3 даҕааһын #
Буоһатар, ууһатар кыахтаах
Нууччалыы Способный оплодотворить
4 даҕааһын #
Бөдөҥ; күүстээх-уохтаах
Нууччалыы Крупный; мощный
Атыыр мунньах буолбут, улуу сүбэ тахсыбыт, мунньустубут дьон бука барылара эппит тылбыт улуу бэлиэҕэ киириэҕэ диэннэр, өйдөрүн-төйдөрүн булунан олордулар.
П. ОйуунускайАтыыр диэн тылы, иккис суолталаан, бөдөҥ, улахан диэн туттабыт. Багдарыын Сүлбэ. Дьэ кырдьык даҕаны өтөрүнэн буолбатах атыыр мунньах буолан ааста И. Никифоров
5 этии #
Нууччалыы Категорический отказ
Атыыр аккаас - олох, ончу буолуммат буолуу Биһиги “Сайдыы” холкуоһу кытта холбоһо сатаабыппыт биэс сыл буолла да, анарааҥҥылар атыыр аккаас дииллэр. А. Федоров Арыгыттан туттуна сатыыбын, ону көҕүтэн кээһэн иэдэттилэр. Ол да буоллар аны атыыр аккаас. Эппит тылбар туруом. Н. Туобулаахап
6 этии #
Нууччалыы Гурт кобылиц с одним жеребцом
Атыыр үөрэ - биир атыырдаах элбэх биэ бөлөҕө Уулуссанан үргүбүт атыыр үөрэ уһууран ааспыта. Ч. Айтамтов Хахай кыыл атыыр үөрүн бүтүннүү охторбут уонна атыырдарын арҕаһыгар быраҕынан илдьэ барбыт. Амма Аччыгыйа “Атыыр үөрүн быраҕар алдьархайдаах кыһына” баар буоларын туһунан мин урут истэрим. ХС
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. адгыр, аскыр, айҕыр