Перевод с якутского
аҕабыыт
аат тыл
Нууччалыы священник, поп
English priest
1 аат тыл #
Христианскай таҥара дьиэтин үлэһитэ (таҥара үөрэҕин тарҕатар, таҥараны итэҕэйэргэ үөрэтэр, дьону бэргэһэлиир, оҕону сүрэхтиир, мэлиибэн ыллыыр эҥин)
Нууччалыы Священник, поп
Бадаайап Маппыры аҕабыыкка сүрэхтэппит, бэйэтин аннынан суруйтарбыт. Л. Попов Саянов сүр суостаах тойон буолан, аҕалбыт аҕабыыттарын батыһыннара сылдьан, күүһүнэн, сүрэхтэтэлээн барар. Эрилик Эристиин Аҕабыыт уонна лөчүөк дьону таҥараҕа тиксэрэллэригэр кумааҕыны кытта кэпсэтэ туралларын сөҕө көрөрүм Кыым
2 этии #
Иирбит аҕабыыт дьыалатын курдук - туох да иилэн ылбат гына булкуллубут туох эрэ "Дьыалаҥ иирбит аҕабыыт дьыалатын курдук, туох даҕаны дьыалата тигиллибэт, киирэр-тахсар сурунаалгар суруллубат", - дии-дии саҥарар Сиидэрэп. Күндэ
Нууччалыы Как дела сумасшедшего попа (о чем-л. крайне запутанном, запущенном, беспорядочном)
3 этии #
Нууччалыы Странствующий священник, обходящий отдаленные стойбища, зимовья, хозяйства и проводящий венчание, крещение детей и другое
Кэриим аҕабыыта -таҥара дьиэтиттэн ыраах олорор ыаллары, нэһилиэктэри кэрийэ сылдьан оҕону сүрэхтиир, дьону бэргэһэлиир эҥинниир аҕабыыт Бастаан ойох ыллаҕына, таҥара дьиэтигэр киирэрим буолуо диэн наһаа дьулайа санаабыта, хата, кини дьолугар, кэриим аҕабыыта түбэһэн бэргэһэлээбитэ. М. Доҕордуурап Айан суолун кытыытыгар олорор буоламмыт, кэриим аҕабыыттара биһиэхэ үгүстүк тохтоон ааһаллара. "ХС"