ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҕай

кэнники тыл, сыһыат, даҕааһын, туохтуур, аат тыл

Нууччалыы нехорошо и неплохо, посредственно; опасно, терпимо

English quite, really

Ис хоһооно · 12
I

1 #

, кэпс. Оччо куһаҕана да, үчүгэйэ да суох, ортотунан

Нууччалыы Нехорошо и неплохо, посредственно; опасно, терпимо

  • Олоруубут аҕай.
  • Киниттэн хайдах сылдьарын, олорорун туһунан ыйыттахха, халымалыы "аҕай" диэн саҥа аллайыаҕа.
    ХС
  • [Сүлүгүрэс Сүөдэр:] Эһиги туох-хайдах олороҕут? [Бырдаахап:] Олоруубут аҕай. Эһиги ыаллар, саҥа атыыһыттар куораттан тахсаннар, күннээн олордоххут дии
    Н. Неустроев
II

2 даҕааһын #

эб

  • Эн онно аҕыйах аҕай аста суулаан, баайан баран, оннугар ууран кэбиһээр.
    Суорун Омоллоон
  • Аана нэһиилэ аҕай өйөнөн олорор, баһын бөрүкү кыаммат буолбут.
    Күндэ
  • Учууталлар үчүгэй сыананы туруоруохтарын туттуналлар, бүтэн хаалыа диэбиттии харыстаан аҕай туруораллар
    Н. Лугинов

3 даҕааһын #

Предмет, хайааһын бэлиэтин эбэтэр хайааһыҥҥа, предмеккэ бэйэтигэр мөлтөтөн, намтатан биэриини биитэр сыһыаннаһыыны көрдөрөр (даҕ., сыһ., туохт. ф-рын, аат. (сэдэхтик) уо. д. а. кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает ослабление, пониженную оценку признака предмета, действия или самого предмета и действия (употр. с прил., нареч., ф-ми гл., имен сущ. (редко) и т. п.)

4 даҕааһын #

Хайааһыны, бэлиэни, араас иэйиилээх сыһыан дэгэттээн (хомойуу, сөҕүү, омуннааһын, ордугурҕааһын уо. д. а.) күүһүрдүүнү көрдөрөр

Нууччалыы Выражает усиление действия, признака предмета с различными модально-эмоциональными оттенками (сожаление, изумление, преувеличение, зависть и т. п.)

  • Арыгы истэр тухары дьону-сэргэни былыр-былыргыттан билиҥҥэ диэри алдьатта аҕай.
    Далан
  • Кини бэйэтэ даҕаны уһун умнас суолун, киэҥ тайҕаны быһа санныгар быыкаайык матаҕа сыыһа сүгэһэрдээх сылдьыбыта аҕай.
    А. Сыромятникова
  • Күнүскүнэн эбэ өрүс хобордоон, көмүөлэ көтөҕүллээри ыксаабыт, ыгыллыбыт аҕай этэ.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (6)
  • Биэс киилэлээх биэдэрэтэ Биэрэҥэлээн аҕай биэрдэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Дьэ, оҕолоор, дьүкээбил уота умайан күүдэпчилэнэн аҕай эрэр.
    Н. Якутскай
  • Ыраас аҕай сүрэхтээх, көнө аҕай майгылаах киһи. ПЭК СЯЯ. Ситиннэ ыстанан тахсан үчүгэй аҕай талаҕынан курбуһуннарбыт киһи билиэ этилэр.
    С. Ефремов
  • Бу сайыҥҥыттан түүлээҕинэн төһө аҕай табаары атыыласта, доҕоор?
    Күндэ
  • Балык да бу манна баар аҕай
    Кыым
  • Арыт бу суолта ини, ньии эбиискэлэринэн күүһүрдүллүөн сөп. Θ Иногда данное значение усиливается частицами ини, ньии. Доҕотторум тустара диэн Муҥнанным аҕай ини. Саха нар. ыр. II. Хайҕахтаах хара быарым Хамсаатаҕын аҕай ньии
    П. Ойуунускай

5 даҕааһын #

Тардыы сыһыарыылаах ааттары кытта саҥарааччы этиллэр предмети ураты сыаналаан, чугастык санаан иэйиилээхтик чорботон этэрин көрдөрөр

Нууччалыы С именами существительными в притяжательной форме выражает эмоциональное выделение предмета речи, относясь к нему как к особо ценному и дорогому

  • Оо, оҕом аҕай, хайдах сылдьара буолла.
  • Уолум миигин иитиэ, Уолум аҕай! - диириҥ.
    Амма Аччыгыйа
  • Доҕорум аҕай диэбит киһибин көрүстэхпинэ, бэрт дэҥҥэ кэпсэтэр
    Кыым

6 даҕааһын #

Тардыы сыһыарыылаах киһи ыалдьар сирдэрин ааттарын кытта ыарыыттан суланыыны, үҥсэргээһини көрдөрөр

Нууччалыы С притяжательными именами, выражающими названия частей тела, выражает сетование, жалобу на боль

  • Баһым аҕай! - диэн эмээхсин сотору-сотору улаханнык ынчыктыыр.
    ХС
  • Аай-аайбын! Ыый-ыыйбын! Абытайбын-татаппын! Икки чараас кургумум аҕай... Икки балык этим аҕай...
    П. Ойуунускай
  • Баҕайылар баара, син дьэ, Барар күннээх эбиттэр. Күүттэрэн да биэрдилэр, Көхсүм аҕай, айыы-айа!
    Күннүк Уурастыырап

7 даҕааһын #

Этиллэр предмети хааччахтаан, чорботон саҥарыыны (үксүгэр сэмэлиир-сиилэһэр дэгэттээх) көрдөрөр (сорох солб. аат. уонна ахс. аат. кытта тут-лар)

Нууччалыы Выражает ограничение и выделение (чаще всего с оттенком осуждения и иронии) предмета речи (употр. с нек-рыми мест. и сущ.)

  • Ону аҕай күүтэн, төттөрү-таары аалса сылдьыбыт дьон, иһирдьэ кутуллубутунан бардылар.
    Н. Заболоцкай
  • [Арыгы:] Бардам баайдар маҕаһыыннарыгар киирэн Бастыҥ атыы -- Ньуур туттуу мин аҕай буолтум.
    С. Зверев
  • Ол, бу төһө эмэ үйэ-саас тухары кини аҕай киэнэ буолан, турбута.
    Күндэ
Өссө холобурдар (3)
  • Эчи, уоллара "Волганан" аҕай хатааһылыыр
    ХС
  • Мин, биһиги диэн сирэй солбуйар ааттары кытта бэйэни эрэ билинии, киһиргэнии дэгэттэнэр. Θ С личными местоимениями я и мы имеет оттенок бахвальства. Онон фронтовик кэргэнэ мин аҕай баарбын диэн, Харытыай үҥсэргээн былдьаһа-тардыһа сатаабатах. Софр. Данилов. Киһи аймахха кэрэхсэппит -- Уол, кыыс аймаҕы кытта орооспут Мин аҕай этим, эминэ туомуй!
    С. Зверев
  • Биэс-алта ходьоччу хоһоону Бэчээккэ быктараат, Бэйэҕин бэлиэтээн Мин аҕай дэнимэ
    Күннүк Уурастыырап

8 даҕааһын #

Бириэмэ, миэстэ дьөһүөллэрин кытта туттуллан күүһүрдэр дэгэттээх чопчулуур, чуолкайдыыр суолталанар

Нууччалыы Употребляясь с послелогами времени и места, выражает уточнение, конкретизацию с оттенком усиления

  • Биһиги, сахалар, өйбүтүн-санаабытын саҥардыыттан аҕай бэттэх кумааҕыга суруйар литератураланан эрэбит.
    Күндэ
  • Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии иннинэ аҕай Аркадий Гайдар "Тимур уонна кини хамаандата" диэн кинигэтэ бэчээттэммитэ. Софр. Данилов. Тутуу иниспиэктэрэ Петр Панкратович манна мин иннибэр аҕай сынньана кэлбит эбит.
    Н. Заболоцкай
  • Боруом биһиги иннибитинэн аҕай ааһар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Таас, туус дьапталҕаларын үөһэ өттүнэн, сыыр хааһын аҕай аннынан туох эрэ хайаҕас чөҥөрүйэн көстөр
    И. Данилов

9 даҕааһын #

Бириэмэ сыһыатын кытта хайааһын адьас соторутааҕыта, олох субу буоларын көрдөрөр

Нууччалыы С наречиями времени выражает совершение действия совсем недавно, буквально сейчас (только что)

  • Кинилэр ол моһуогуруулара күн бэҕэһээ аҕай буолбута.
    Н. Заболоцкай
  • Бүгүн аҕай үргэммит дьэдьэн тэриэлкэни өрөһөлүү тэтэрэр.
    Болот Боотур
  • Билигин аҕай үлэлии олорбут устудьуоннар, ити кэтэһиилээх тиһэх чуораан күүтүүлээх үтүө сураҕы аҕалбытыныы, үөрэ түстүлэр
    Н. Лугинов

10 даҕааһын #

Сүнньүнэн -аары сыһыарыылаах сыһыат туохтууру, - ыахча формалаах сыһыаты кытта хайааһын субу аҕай буолаары гыммытын көрдөрөр

Нууччалыы В основном с деепричастиями на -аары, с наречиями на -ыахча выражает действие

  • Өксүүнньэ эт-этэ аһыллан, ыалдьан, өлөөрү аҕай олорбута.
    Күндэ
  • Мантан төннөөрү аҕай турбутум.
    И. Егоров
  • Хабырыыс ийэтин моонньуттан кууһар, кини хараҕыттан уу-хаар баспыт, ытыахча аҕай буолбут
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Кытта дьөһүөлү, бириэмэ салаа этии кэпсиирэтин кытта тутаах этии хайааһына олох тута, тилэх баттаһа буоларын көрдөрөр. Θ Употребляясь со сказуемым придаточного времени с послелогом кытта выражает, что действие главного предложения совершается сразу после совершения действия придаточного предложения. Ыһыы үлэтэ бүтээтин аҕай кытта, нөҥүө күнүгэр нэһилиэк Сэбиэтин пленумун оҥорбуппут.
    А. Бэрияк
  • Аһаҕас аанынан киһи күлүгэ барыс гынарын аҕай кытта, оттоох күрүө таһыгар уолчаан сүүрэн кэллэ
    Л. Попов

11 этии #

Нууччалыы Чуточку, немного (кто, что уступает кому-чему-л. в чем-л.)

  • аҕай харата түөлбэ., көр аат харата. Кыыс саҥа хоту аат аҕай харата эргиллэн, киһини букатын улахаҥҥа уурбатахтык көрөн аһарда.
    Н. Заболоцкай
  • Ата хаартан, тыалтан чачайбычча аат аҕай харата сүөдэҥниир буолан барда.
    ХС
  • Оҕустар оргууй аат аҕай харата алтахтыы турбуттар.
    ХС
Өссө холобурдар (6)
  • Санаа аҕай (курдук, кэриэтэ) - арыый да, бэрт кыранан Иван Никифорович кинитээҕэр уҥуоҕунан санаа аҕай намыһах, ол оннугар туоратынан быдан бысхаҕар.
    Н. Гоголь
  • Манна тумана санаа аҕай сэллээтэ буолан баран, уонча миэтэрэ таһынан киһи тугу да көрбөт.
    В. Яковлев
  • Киэһэ билэр учууталыгар сылдьан бэрэбиэркэлээн көрбүтэ, үөрэҕиттэн кыратык санаа аҕай кэриэтэ хаалбыт.
    Н. Заболоцкай
  • Кини (кинилэр, мин) аҕай буол - киһиргээ, олус бэрт буола сатаа. Θ Слишком выставлять себя, хвастать. Гоша эмиэ кини аҕай буолан, саамай улаханын кини быһаарбыттыы, аҕылыктанара.
    Н. Лугинов
  • [Дьаакып:] Чэ үчүгэй. Бассабыыктаан, кинилэр аҕай буолан хантаарыҥнаспыт амтаннарын билиэхтэрэ.
    А. Софронов
  • Олус өрө ыстаммакка, мин аҕай буолбакка, сытыарытык сылдьар да киһи, бука, остуорастаан айаҕын ииттиэ эбитэ буолуо ээ?! Л. Попов

12 этии #

Нууччалыы Не так-то легко, просто (делать такое)

  • Манан аҕай (буолбат, буолбатах) - кыра көннөрү, чэпчэки буолбат, судургу (буолбатах) Күннүктээн ууну уймуур манан аҕай дьыала буолбатах.
    И. Федосеев
  • Баай мунньуллара манан аҕай буолбат.
    А. Сыромятникова
  • Холоон аҕай (аҕайдыҥы) - мөлтөх, куһаҕанныҥы. Θ Слабый, плоховатый. Кини да холоон аҕай киһи этэ.
Өссө холобурдар (3)
  • Чэ, чэ, оҕонньоргут да холоон аҕайдыҥы.
    ХС
  • Хайыы аҕай түөлбэ - хайыы-үйэҕэ, хайыы сах. Θ Уже, давным-давно. Кини дьоллоох олох маҥнайгы дьаамыгар хайыы аҕай кэллэ.
    П. Ойуунускай
  • Хатан тимир собуот Хара лаахтаах көлөһөтө Хайыы аҕай кэлэн хап-сабар хамсанна. Саха фольк

«А» буукуба