ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҥылый

туохтуур

Нууччалыы разноситься, распространяться

1 туохтуур #

Хантан, туохтан эмэ кэл, тарҕан, тунуй (сыт туһунан)

Нууччалыы Разноситься, распространяться (о каком-л. запахе)

  • Ол [түүтэх от] төбөтүттэн аргыый аҕай сылаас күдэн күкээрийэр уонна никсик сыт аҥылыйан биллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кинилэр дьиэҕэ киирбиттэрэ, киһи тыына хаайтарар дьаардаах сыт аҥылыйда.
    М. Доҕордуурап
  • [Булгунньах] оройугар чугаһаан истэх аайы улам бадарааннанан иһэр уонна ол бадараана сытыйбыт буорах сытынан аҥылыйар
    Багдарыын Сүлбэ
Өссө холобурдар (2)
  • Үчүгэй сытынан тунуй. Θ Обдавать приятным запахом, благоухать. Охсуллубут от сыта минньигэс сытынан аҥылыйар.
    Эрилик Эристиин
  • Хайа таастаах буоруттан үүммүт жасмин, сирень сыттара киһини итирдиэх курдук аҥылыйаллара
    Суорун Омоллоон

2 туохтуур #

Үргүй, үр (тымныы салгын, тыал туһунан)

Нууччалыы Тянуть, дуть, обдавать (о холодном воздухе, ветре)

  • Киһи куйахата дырдыргыыр, иэнэ кэдэҥниир, туох эрэ харбыах курдук сарбаҥныырга дылы буолар, уонна ханнык эрэ иин дьыбарын тымныытынан аҥылыйар.
    Суорун Омоллоон
  • Киэһэ төгүрүк остуолларын анныгар тымныынан аҥылыйа сылдьар күөх оту тэлгэппиттэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хаар түһэн намылыйар, Халлаан тымныынан аҥылыйар.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Томтордор диэкиттэн кыһыҥҥы тымныы тыал аҥылыйбыта. “
    Кыым

«А» буукуба