ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аһыҥа

аат тыл

Нууччалыы кобылка, кузнечик

English locust, grasshopper

1 аат тыл #

1-2 см кэриҥэ уһуннаах, уһун кэлин атахтарын уонна кынаттарын көмөлөрүнэн ыстаҥалаан сыҕарыйар, сүнньүнэн от аһылыктаах буортулааччы үөн-көйүүр

Нууччалыы Кобылка, кузнечик

  • Кураан буолан, аһыҥа кыната кууран, ыраах баҕайы сырдыргыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Тараҕай курдук чүөччэрдии кытарбыт тэлгэһэҕэ аһыҥа кыыбыргыыр.
    А. Федоров
  • Хааһы баҕанан, чохунан, аһыҥанан, онтон даҕаны атын үөнүнэн-көйүүрүнэн итиэннэ ардах чиэрбэтинэн аһатыллыахтаах. ДьСИи. Ср. тюрк. акса, аска ‘хромать’

2 этии #

Нууччалыы Крупная кобылка

  • Тооппоор (тойон) аһыҥа - көтөрүгэр кыыбырҕас тыастаах күөх эбэтэр бороҥ дьүһүннээх улахан аһыҥа Халтай кубалай хонуу Хаппыт буорунан хаамтахха, Топпут-туолбут Тооппоор аһыҥа Толон курдук Тообугуруу тохтор.
    К. Туйаарыскай
  • Чуочас Бөтөстүүн хайыы-үйэ кэлэн, сарай күлүгэр умса түһэн сытан эрэн тооппоор аһыҥаларынан оонньууллар.
    Н. Лугинов
  • Чыычаахтар, тооппоор аһыҥалар миигин кытары тэҥҥэ көтөр курдуктар, кынаттара "сит-сит-сит" диэн сырдыргыырга дылы. В. Гольдеров

«А» буукуба