ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аһыҥас

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы детеныш хищного зверя

I

1 аат тыл #

Адьырҕа кыыл оҕото (хол., эһэ оҕото)

Нууччалыы Детеныш хищного зверя (напр., медвежонок)

  • Бу уордаах тыһы эһэ мойборугар иилистэ сылдьар аһыҥастарын таһыйан часкыппыт. СГФ СКТ. Ол турдаҕына, адьас чугастан, арҕах ойоҕоһуттан иккис аһыҥас, сүрдээх хатаннык часкыйаат, Василийга уун-утары ыстанна.
    ХС
  • Сис тыаларыгар эһэлэр бэйэлэрин аһыҥастарын биэбэйдээн улаатыннараллар
    Г. Колесов
II

2 даҕааһын #

Аһыы соҕус (туох эмэ амтанын туһунан); хабархай соҕус, аһыы соҕус (сыт туһунан)

Нууччалыы Кисловатый, горьковатый, островатый (на вкус); едковатый, горьковатый (о запахе)

  • Маннык бэлэмнэммит бааҥкаларга тууһаммыт тэллэй сыл кэриҥэ буортуйбат, ол гынан баран, хатан аһыҥас амтаннанар.
    Г. Угаров
  • Ньырбачаан үһүс холомоҕо тахсаат, аһыҥас соҕус туох эрэ туора сыт баарын билбитэ
    Далан

«А» буукуба