ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баартык

аат тыл

Нууччалыы передник, защищающий перед одежды от загрязнения, фартук

I

1 аат тыл #

Таҥас илин өттө киртийбэтин диэн кэтиллэр анал хаттык таҥас

Нууччалыы Передник, защищающий перед одежды от загрязнения, фартук

  • Сиэҕин ньыппарынан, күлэ-күлэ саҥаһын баартыгынан бэйэтин иккитэ эринээт, муостаны сууйан кылбатта.
    Н. Габышев
  • Кырдьаҕас оскуолам иһийбит кылааһын Көмүс чуораан чугдаара сэргэхситтэҕэ, Кыра балтыларым үрүҥ баартыктарын Киэһэлик ийэкэм өтүүктээн эрдэҕэ. “Чэчир”-76. Көмөрүнэн биһиллибит илиилэрин бэрт түргэнник баартыгынан сотто-сотто, [Ийэ] этиитин салҕаабыта.
    М. Горькай
  • Тэҥн. бэриэнньик
II

2 аат тыл #

, эргэр. Түөрт кырыылаах бытыылка (1,2 л арыгы кээмэйэ)

Нууччалыы Четырехгранная бутылка (мера объема водки или вина, равная 1,2 л); кварта. [Баай Баһылай] икки баартык мадьыарата аҕал

  • Мэ, бу баар харчыта.
    Күндэ
  • Сиимэнэп лааппытыттан Сиэбин аайы кэтэрдэн, Аҕыс баартык арыгылаах Атаһыгар кэлэр, дьэ.
    И. Чаҕылҕан
  • Ыалдьыттар чэйдээри остуолга олорбуттар, иннилэригэр биир хара баартыктаах арыгыны туруорунан кэбиспиттэр
    Н. Неустроев

«Б» буукуба