Перевод с якутского
баата
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы вата.
English batting, stuffing
1 аат тыл #
Түү курдук көпсөҕөр холуопактан оҥоһуллубут сымнаҕас матырыйаал
Нууччалыы Вата. Үрүҥ баата. Тутуу баатата. Кини сыл аайы уонунан тыһыынча туона холуопак баататын судаарыстыбаҕа туттарар. Эрилик Эристиин. Сири дойдуну бүтүннүү хаар ыга түһэн кэбиспит, туох барыта, маҥан баатанан бүрүйэ тардыммыт курдук, чуумпурбут. Амма Аччыгыйа. Маҥан баатанан бүрүммүттүү чоҥкуйан турбут тыа ыарахан көмнөҕүн түһэрэн дьэгдьийдэ. М. Доҕордуурап
2 даҕааһын #
суолт. Баататтан оҥоһуллубут, баата курдук сымнаҕас
Нууччалыы Сделанный из ваты, ватный
Баата суорҕан. Баата тэллэх. Баһылай хаатыҥкалаах, баата сонноох, тоҥмут көрүҥнээх. Амма Аччыгыйа Мин баата кырыстаах хонууга олоруом, Күлүмнүүр курустаал халлааны одуулуом Эллэй