ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

байыт

Нууччалыы обогатить чем-л. новым; приумножать

Туох эмэ саҥаны киллэр; эп, хаҥат

Нууччалыы Обогатить чем-л. новым; приумножать

  • бай диэнтэн дьаһ. туһ. Сибиряков баайбын диир. Суох, кини мин илиим иһигэр баар, мин кинини байытар да, дьадатар да кыахтаахпын.
    Н. Якутскай
  • Бүгүн биһиги бу хочоҕо Никифоров кинээһи байытар иһин буор босхо үлэлээтибит.
    М. Доҕордуурап
  • [Манчаары] баай бөҕөнү талаан, таһыйан, сорох дьадаҥы дьону байытар гына биэрэн олоорто, сылдьыбыта үһү. Саха фольк
Өссө холобурдар (3)
  • Үчүгэй тылбаас тылы байытар, оттон куһаҕан тылбаас тылы сыыһырдар, дьүдьэтэр, буортулуур. Софр. Данилов. Бүлүү туһунан былыргы үһүйээннэр поэманы өссө ордук байытан, киэргэтэн биэрэллэр.
    Л. Попов
  • Мин дууһам ыллыыр чаастардаах Индия муударай тылынан, Ардыгар санаабын байытан Нууччалыы толкуйдуур буолабын.
    С. Данилов
  • Икки тылы билии туох да куһаҕаны аҕалбат, төттөрүтүн икки омук культуратын билии оҕону ордук сайыннарар, кини өйүн-санаатын ордук байытар
    Далан

«Б» буукуба