ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

байытыс

  • байыт диэнтэн холб. туһ. Кинилэр [силлабическай, аллитерационнай формалар] бэйэ-бэйэлэригэр утарсыбаттар, хата, төттөрүтүн бэйэ-бэйэлэрин толорсоллор, байытыһаллар.
    ХС
  • Дьобуруопа омуктарын Бары ыйааһыннаах ырыаһыттарын Баай дьэрэкээн тыллаах хоһооннорун Тугунан эмит байытыһабын, Туох кэрэнэн чаҕылытыһабын?
    С. Васильев
  • Саха суруйааччыларын уус-уран ньымаларын сайда турар фольклор байытыспыта, байытыһар даҕаны. СГС ӨСҮДь

«Б» буукуба