ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бакаа

Нууччалыы до поры, до времени, в течение некоторого времени, пока

I

1 #

, кэпс. Онуоха-маныаха диэри, кылгас кэм устатыгар

Нууччалыы До поры, до времени, в течение некоторого времени, пока

  • Атын оройуоннарга итинник [Сардаа диэн] ааттаах сирдэр бааллара бакаа биллибэт. Багдарыын Сүлбэ. Ити гынан баран, кэтэһэ да түһүөхпүн син, бакаа ыксыырым суох.
    В. Яковлев
  • [Семенов:] Бэйи, бакаа киирбэппин, таһырдьа да үчүгэй.
    С. Ефремов
  • Мемориальнай дьиэ тутуута бакаа ситэ илик. “
    ХС
II

2 #

саҥа алл. Бырастыылаһар тыл: көрсүөххэ диэри (үксүгэр чэ диэн саҥа алл. кытта тут-лар)

Нууччалыы Приветствие при прощании, пока (обычно употр. с межд. чэ)

  • Чэ, бакаа. Сарсыарда кэлэн билсиэм.
    М. Шолохов
  • Чэ, бакаа, быраһаай, ийэ сир - Ырыабын баҕар ыл, баҕар сир.
    ЭК
  • [Чокуурап:] Чэ, бакаа, быраһаай, киэһэ сарайга баҕар кэлэ сылдьыам
    С. Ефремов

«Б» буукуба