ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балый

туохтуур

Нууччалыы выставлять что-л. в свою пользу; обманывать

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Бэйэ туһатыгар атын киһи кырдьыгын сымыйа, сымыйатын кырдьык курдук көрдөр

Нууччалыы Выставлять что-л. в свою пользу; обманывать

  • Оруо маһы ортотунан балыйар (өс хоһ.). Тоҕо миигин балыйаҕыный? Мин эйиэхэ көмүһү биэрбитим, эн миэхэ үрэх тааһын төнүннэрэҕин.
    Н. Якутскай
  • Доҕоруҥ кырдьыккын балыйдаҕына, Туора дьон хобунан саҥардаҕына, Туох диэҥий, эт эрэ миэхэ, - Туох диэҥий киниэхэ?
    Л. Попов

2 туохтуур #

Кими эмэ тугунан эмэнэн холуннар, хобулаа, сымыйанан буруйдаа

Нууччалыы Клеветать, возводить напраслину на кого-л

  • Кинини [Сперанскайы] эмискэ көскө ыыппыттарын уонна таҥнарда диэн балыйбыттарын туһунан сурах Москваҕа субу аҕай иһиллибит.
    Л. Толстой
  • “Миигин норуот өстөөҕө ааттаан балыйдылар, хобуоччулары кытаанахтык буруйдуулларыгар көрдөһүөм”, - диэн силлиэрэн ахан сылдьар буолар эбээт киһи.
    Амма Аччыгыйа
  • Олоххо араас баар - киһини ардыгар Ырааһын балыйан тураллар: Быртахха былыыллар, таҥнаран бараллар Куһаҕан санаалаах урдустар
    С. Данилов

3 туохтуур #

Ордук ааҕан ыл; ыйааһыҥҥа охсон ыл (хол., атыылаһааччыттан)

Нууччалыы Обсчитывать кого-л., обвешивать (напр., покупателя)

  • Атыылаһааччыны балыйар сатаммат. Атыылааччы балыйыа суохтаах

4 туохтуур #

Туохха эмэ алҕаһаа, сыыстар

Нууччалыы Ошибаться, поступать по ошибке

  • Хаастар кинилэр сымыыттарын хомуйан сиир атыыр кырсаларга өстүйэллэр. Бээгэйи кырсаҕа балыйан итинник суоһурҕаналлар.
    И. Федосеев
  • Эһэҕэ балыйда дуу? Ол кыайар ураҕастанан кус оҕолообутун бэйэм илэ харахпынан көрбүтүм
    Н. Заболоцкай

«Б» буукуба